22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сибэкки Евдокия сүбэлиир: Үүнээйини олордуу кэмин сөпкө тутуһуохха наада

12:00, 19 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Төһө даҕаны олунньубут ортото эрэ буоллар, эдэр хаһаайкалар билигин ханнык үүнээйи олордулларын ыйыталлар. Кинилэргэ Нам сэл. олорор Евдокия Степановна Гаврильева – Сибэкки Евдокия маннык сүбэлиир.


Оҕуруот аһын арассадалыырга билигин эрдэ. Оттон сибэккини саҕалыахха сөп. Сайыҥҥы сибэккилэр үгүстэрэ ыкса күһүҥҥэ диэри сибэккилииллэр. Ити эрээри сайын саҕаланыыта буорга сиэмэнэн олортоххо, биһиги кылгас сайыммытыгар кыайан сиппэттэр, сибэккилээн үөрдүбэттэр. Тоҕо диэтэххэ, ичигэс килиимэттээх дойдуттан төрүттээх буоланнар, хаһан ситиэхтэригэр диэри икки, сорохтор үс ый устата үүнэллэрэ ирдэнэр. Арассаада ону учуоттаан тылыннарыллар.

Хаһан?

Олунньу ортотуттан үс уонна үс аҥаар ыйынан ситэр сибэккилэр (дельфиниум, лобелия, маргаритка, сальвия, шалфей) арассаадаланаллар. Маргаритка бастакы үнүгэһэ нэдиэлэ иһинэн быгар уонна үс аҥар ыйынан ситэн сибэккилиир. Шалфейдаах сальвия уонча хонугунан тахсаллар, сибэккилэрин 110 хонугунан биэрэллэр. Кулун тутарга астра, вербена, львинай зев, портулак, амарант, арктотис, георгин, Кытай гвоздиката, левкой, душистай табак, петуния, оттон муус устарга агератум, бархатцы, годеция, лобулярия, настурция, хризантема, цинния курдук сибэккилэр арассаадаланаллар.

Сиэмэни бэлэмнээһин

Сибэкки сиэмэтин анал маҕаһыынтан атыылаһыахха эбэтэр атастаһан хааччыныахха сөп. Бастатан туран сиэмэни араас ыарыылартан, бактериялартан эмтиибит, ол эбэтэр 12 чаас устатыгар марганцовкаҕа сытыарабыт. Үүнүүнү күүһүрдэр эттигинэн байытабыт: 1 ыстакаан ууга 1 хааппыла эпини эбэтэр цирконы куппут убаҕаска уган ылабыт.

Итиини-тымныыны тулуйа үөрэтэргэ стратификация ньымата туттулар. Ол аата сиэмэни сиигирдэн, бөскөтөн баран, тымныыга туруоран ылыллар, быһатаалбыннаан, кыһыҥҥыусулуобуйаны тэрийиллэр. Дьэдьэн сиэмэтин таһырдьа түөрт-биэс да хонноруохха сөп. Дьиэҕэ киллэрэн сылаас сиргэ (ититэр ситим батарыайатыгар буолбатах) сытыарыллар, оччоҕуна тахсыылара икки төгүл үрдүүр. Дельфиниум стратификацията суох тыллыбат эбэтэр олус бытааннык үүнэр. Ирбиттэрин кэннэ сылаас ууга 5 мүнүүтэ угуллар. Өрө дагдайан тахсыбыт аһа суох сиэмэлэри быраҕыллар, аллара тимирбит чэгиэн сиэмэлэри ылан буорга баттанар.

Иһит элбэҕи быһаарар

Элбэҕи арассаадалыыр дьоҥҥо мас дьааһык ордук. Оттон бэйэ тиэргэнин иһигэр үүннэрэр сибэкки сиэмэтин тылыннарарга пластик хончоҕор эбэтэр “тетрапак” бакыат үчүгэй, түгэҕинэн хайаҕастаан эрэ биэриэххэ наада, ордук уута ааһа турдун. Ити арассааданы сайын таһырдьа олордорго табыгастаах – тэлэ быс да, лууҥкаҕа ас. Буор тохтубат, силиһэ алдьаммат.

Буорун оҥоруу

Сииги да, салгыны да мээнэ аһардыбат уонна иҥэмтэлээх эттигинэн сөбүгэр баай буор үчүгэй. Онуоха сиэмэни тылыннарар уонна тахсыбытын кэннэ көһөрөн олордор (пикировкалыыр) буор тустуһунан буолар. Сиэмэни тылыннарарга торфалаах, пикировкалыырга сир кырсыгар өрүс кумаҕын уонна торфаны (3:1:1) булкуйбут буор ордук. Маҕаһыыҥҥа бэлэм буор суох түбэлтэтигэр, былырыыҥҥы буору марганцовкалаах итии уунан кутан баран туттуҥ. Холобур, мин буорбун бытарытан, сиидэлээн бараммын нэлэгэр тааска кутан, булкуйа-булкуйа, оһоххо дэлби ититэбин.

Арассааданы торфалаах таблеткаҕа эбэтэр муохха үүннэриэххэ эмиэ сөп.

Торфалаах таблетка

Аҕыс сантиметр диаметрдаах, үс сантиметр үрдүктээх хаптаҕай таблетка икки-үс остолобуой ньуоска сылаас ууну куттахха, арассааданы, үнүгэһи олордор бэлэм буордаах ыстакааҥҥа кубулуйар. Хас таблетка ахсын биир-икки сиэмэни угуталаан баран, үрдүлэринэн хара буору тарыйыллар. Кээмэйэ ыстакаантан итэҕэһэ суох буолан, арассааданы кыратыгар туспа иһиккэ көһөрөр наадата суох итиэннэ сииги үчүгэйдик тутар, үүнээйи ыарыытын тарҕаппат.

Муох

Муоҕу туттуох иннинэ, оргуйбут итии ууга уган сытыара түһүллэр. Туһата үгүс. Ол курдук, буорга уктахха, салгыннаах уонна уу дөбөҥнүк киирэртахсар буолан, силис түргэнниктардар. Үүнээйигэ алҕаска элбэх ууну кутан кэбистэххэ, муоҕунан оборторуллар. Кураанах салгыннаах дьиэҕэ бүлүүһэ кытыытыгар инчэҕэй муоҕу ууран, үүнээйигэ сөптөөх сииги хааччыйыллар. Буор үрдүгэр уурдахха, көтөр үөннэр сымыыттыыр сирдэрин былдьатан, ырааҕынан сылдьаллар. Арассааданы тылыннарарга уонна үнүгэстэргэ силис тартарарга буор оннугар аҥардас муоҕу туттуохха сөп. Бытархай гына кырбаан ууруллар, сииктээх буолар гына уу кутуллар. Бактериялары утары охсуһар уратылаах буолан, муохха үүнээйи сытыйбакка силис тардар, ыарыы микроба сыстыбат. Быһата, муох – бэйэтэ эмтиэкэ.

Силис тартарар үнүгэһи муохха маннык сууланар, арассаада тартарарга сиэмэни эмиэ суулаан кэбиһиллэр

Арассааданы олордуу

Сиэмэни баттыах иннинэ буорга үчүгэйдик уу кутуллар, бастакы үнүгэс сэрбэйиэр диэри сиигэ тиийэрин курдук. Эрдэттэн бэлэмнэммит лууҥкаларга сиэмэлэри бэйэ бэйэлэриттэн үс сантиметр тэйиччи ууруллар. Бытархай сиэмэлэри кумахха булкуйан баран, буорга биир тэҥник түһэллэрин курдук табыгыната ыһыллар. Үрдүн полиэтиленинэн бүрүйүллэр. Сабыыгамустар таммахтары сотон кэбиһиллэр уонна кэмиттэн кэмигэр салгылатыллар. Аһара сииктээх буорга сиэмэ сытыйар. Үнүгэстэр быкталлар эрэ, 16-18ºC сылаас уонна сырдык эрээри күн уота тэһэ көрбөт сиригэр туруоруллар.

Ууну кутуу

Үнүгэс тахсыар диэри сиэмэлээх буорга ууну кутуллубат. Тоҕо диэтэххэ, уу кутаары кып-кыракый сиэмэни атын сиргэ суурайан кэбиһиэххэ сөп. Оттон буор наһаа куурбут түбэлтэтигэр ардахтатылларбиирдэ эмит марганцовка мөлтөх суурадаһынын ыстарыллар.

Өйдөөҥ!

Арассаада сырдык уонна сылаас тиийбэтиттэн эмсэҕэлээбэтин туһугар:

  • Сырдык тиийбэт буоллаҕына, үнүгэс аһары уһуур. Ол иһин, сарсыарда уонна түөртүүр саҕана лаампа холбоон, күн сырдыгын уһатыллар.

  • Буор температурата хас биирдии култуураҕа тус-туһунан буоларын учуоттааҥ, анал литератураны хасыһыҥ, уопуттаах дьонтон сүбэлэтиҥ.

  • Мэлдьи кэтээн көрө сылдьыҥ – эрдэтээҥҥи арассаада сииктэн үөскүүр «хара атах» ыарыыга ылларар куттала улахан.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА