Фотограф Сергей Карпухин LiveJournal блогар айанын саамай чаҕылхай хаартыскаларын таһаарда. Кини Саха сиригэр хаста да сылдьыбыт. Киһилээх хайалара айанньыты ордук сөхтөрбүттэр.
Бу хайаларга кини бураанынан тиийбит.
«Киһилээх — атын ханна да суох айылҕа дьиктитэ. Хайалар тыалтан, ууттан, салгын сылыйыытыттан, тымныйыытыттан үөскээбиттэр. Дьон оҥорон таһаарбыт Пасха арыытыгар баар эмэгэттэри кытта тэҥниэххэ сөп», – диир кини.
Карпухин аан бастаан бу хайалар тустарынан саха биологын Александр Кривошапкин-Дерсуттан билбит. Учуонай таба ахсаанын ааҕар соруктаах салгын тырааныспарынан сылдьан бу хайалары хас да сыллааҕыта билбит-көрбүт.
Сергей Карпухин бэйэтэ көҕүлээбит «Неизвестные ландшафты планеты. Якутия» бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр Индигиир, Өлүөнэ өрүстэргэ, Лабыҥкыр күөлгэ сылдьыбыт.