22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сэбээн-Күөлүн дьыссаатын үлэһиттэрин хамнастарын “Мутук сис” күөл түгэҕиттэн хостуохтара

12:05, 04 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Муус устар 27 күнүгэр Сэбээн-Күөл олохтооҕо, чааһынай урбаанньыт киһи Дьокуускай куораттан дойдутугар таһаҕас тиэниилээх “УРАЛ” массыынанан айаҥҥа туруммута. Кини Сэбээннээҕи уһуйаан бухгалтера Мария Тастыгина көрдөһүүтүнэн, тустаах тэрилтэ үлэһиттэрин хамнастарын илдьэргэ сөбүлэспит.


Массыына, баран иһэн, Сиэгэн-Күөлтэн 15 км тэйиччи “Мутук сис” диэн күөлгэ ууга былдьанар. Дьолго, дьон быыһаналлар. Тиэхиникэ бүтүннүү тимирэр.
Сонун түргэнник тарҕанар. Онно “оскуола тутуутун матырыйаала, хамнас, өссө пенсия баар үһү” диэн буолар.

Бу туһунан билээри Сэбээн-Күөл нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Людмила Бурцеваҕа телефонунан эрийэ сырыттыбыт. “Чааһынай урбаанньыт бэйэтин эргиэнин табаарын тиэнэн испит. Ити Кировскай нэһилиэк территорията. Онтон ыйытыҥ», — диир кини.

Сиэгэн-Күөл баһылыгын солбуйааччы Варвара Гуляева иһитиннэрбитинэн, чахчы итинник быһылаан тахсыбыт. “Бу бүтэһик, кыһыҥҥы суолу сабар массыынаҕа бурдук, саахар, онтон да атын бородуукта, тиэхиникэ сапчааһын курдук олус наадалаах табаар тиэллэн испит. Үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин хамнаһа массыынаҕа хаалбыта биллэр. Билигин Дьокуускай куораттааҕы быыһыыр сулууспаны кытта кэпсэтэ олоробут. Сарсын сэттэ киһилээх биригээдэ, ол иһигэр 4 водолаз, ити миэстэҕэ кэлэн тимирбит малы-салы хостооһуҥҥа үлэлиэхтээхтэр», — диэн быһаарда.

Улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнигын солбуйааччы Антонина Васильева СИА-ҕа кэпсээбитинэн, массыынаҕа тутуу матырыйаала тиэллибэтэх. “Чааһынай урбаанньыт бэйэтин атыылыыр бородууктата уонна дьыссаат үлэһиттэрин абаансата баар диэн истэн олоробут», — диир кини.

Олохтоох оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Анна Кейментинова ити чахчыны бигэргэтэр. “Билигин аҕай бухгалтер Мария Тастыгина кэлэн барда. Абаанса баара чуолкайданна. 500 тыһ.солк. курдук. Хата, дьолго, киһи былдьамматах. Билигин водолазтар кэлэн массыынаны хостуур үлэни ыытыахтара дииллэр. Онон баар харчы кэлиэ дии саныыбын. Балаһыанньаны бары өйдүүбүт. Айаҥҥа араас буолар», — диэн бэрт холкутук, ханнык-туох быһаарыы ылыммыттарын кэпсээтэ.

Оҕо саадыгар 50 оҕо сылдьар, онно 17 үлэһит баар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА