«Саюри» тэпилииссэтин иккис уочаратын бу сыл үһүс кыбаарталыгар үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов социальнай ситимнэринэн быһа тахсыытын кэмигэр иһитиннэрдэ.
Тэпилииссэ үлэҕэ киирдэҕинэ Дьокуускай ырыынагын 20-25%, өрөспүүбүлүкэни — 10% хааччыйыа.
Сылы эргиччи үлэлиир тэпилииссэ 2,5 тыһ туонна бородууксуйаны оҥорор кыахтаах. Ол иһигэр, 1,3 тыһ туонна оҕурсуу, 685 туонна томат, 50 туонна күөх үүнээйи.