Сартаңнааҕы бөртөлүөт түһэр былаhаакката бары ирдэбили толору тутуhуллан оңоhулунна. «Полярные авиалинии» хампаанньаттан анал хамыыһыйа «үчүгэй» сыананы туруорда. Көтүүлэр саҕаланнылар.
Кырааппык быhыытынан ыам ыйын 8 күнүгэр бөртөлүөтүнэн, кэлиилиин-барыылыын, 20-лии киhи көттө. Кыhыңңы сир суолунан табылыннаҕына уонча чаас айанныыр эбит буоллаххына, салгынынан 143 килэмиэтири чаас курдугунан улуус киинигэр
тиийиллэр.
Халлаан хараңарыытыгар, күhүңңүгэ бэлэмнээн, бөртөлүөт былаhааккатыгар эбии светосигнальнай оборудование туруоруутун былаанныыллар.
«Дьаң ыарыынан сибээстээн, ыраах, сырыыта суох нэhилиэк олохтоохторо долгуйаллар. Коронавирус балаhыанньатын кэтээн көрөн, аны кэлэр рейсы тохтото түhэри көрдөhөллөр. Дьон, ыарыыны хоту сиргэ таспат туһугар, бэйэтэ өйдүүр ини диэн эрэнэбит«, — диэн кэпсиир олохтоох баhылык Наталья Владимировна Слепцова.
Григорий Алексеев салайааччылаах олохтоох ыччат сааhыары аҕалыллыбыт «Молот 300» погрузчик тыраахтарынан, «Урал» массыынанан бөртөлүөт былаhааккатын оҥордо.