Саха сириттэн төрүттээх сүүрүүк Сардана Трофимова Олимпийскай оонньууларга марафонҥҥа Кыргызстаан аатыттан кыттан 14-с фиништаата. Кини маннык үрдүк таһымнаах күрэххэ бастакы холонуута буолла.
Аан дойду бастыҥ сүүрүктэрин ахсааныгар киирэн Сардана Трофимова көрдөрүүтэ 2 чаас 26 мүнүүтэ 47 сөкүүндэ буолла. Иннэ гынан Кыргызстаан рекордун олохтоото.
Ону таһынан Сардана Трофимова сахалартан бастакынан Олимпийскай марафону сүүрдэ. Ол курдук өрөспүүбүлүкэ спордун устуоруйатыгар аатын киллэрдэ.