22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сардана Трофимова балаҕан ыйын 20 күнүгэр Москватааҕы марафон стардыгар тахсыаҕа

18:01, 18 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу баскыһыанньаҕа, балаҕан ыйын 20 күнүгэр, Москваҕа үгэскэ кубулуйбут марафон ыытыллыаҕа. Саха сирин олохтоохторо күрэхтэһиини күүтэллэр. Норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, Россия марафонун үс төгүллээх кыайыылааҕа дойду сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ Сардана Трофимова кыттыаҕа.


Марафоҥҥа Россия чемпионатын иннинэ Сардана Трофимова тренерин, спорт үтүөлээх маастара Татьяна Жирковалыын үөрэнр-эрчиллэр хомууру Кисловодскай спортивнай баазатыгар ааста.

Москватааҕы марафон норуоттар икки ардыларынааҕы марафоннар уонна сүүрүүлэр Ассоциацияларын чилиэнинэн буолар (AIMS).  42,2 км уонна 10 км маршруттар 2013 сыллаахтан сертификаттаахтар.

Нуорма быһыытынан дьахталлар – 2:29.30 — ааһыахтаахтар. Ситэрэн эттэххэ, бу соторутааҕыта Японияҕа буолбут чемпионакка сэттэ спортсмен дьахтар бу нуорманы куоһарбыта. Кыайыылаах бириэмэ – 2 чаас 22 мүн. 43 сөк.

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Марафонтан быһа холбонууну көрөөрүҥ.

Күрэхтэһии бырагырааматын манна киирэн көрүҥ: https://ysia.ru/sardana-trofimova-vyjdet-na-start-moskovskogo-marafona-20-sentyabrya/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА