22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сардаана сибэкки тохсунньу тоһуттар тымныытыттан чаҕыйбат

09:13, 20 января 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Биологическай наука кандидата, кыраайы үөрэтэччи Семен Романович Попов-Сиэдэрэй Сэмэн Сахабыт сирин кыһыҥҥы кылгас күннэрин сырдатан, дьиэтигэр сардаана сибэккини үүннэрдэ.

Кини күһүн, хаар түһүөн иннинэ, хонууттан сардаана сибэкки силиһин түөрэн аҕалбыт. Ону сөптөөх температураҕа, усулуобуйаҕа харайан, ахсынньы ый саҥатыгар үс устууканы буорга олордубут.

Ханнык баҕарар үүнээйи, сибэкки ураты көрүүнү-харайыыны, бүөбэйдээһини эрэйэр. Ол курдук, салгын температурата, буор састааба, сиигэ, сырдыгынан хааччыллыы улахан оруоллаах. Семен Романович көннөрү лаампа сырдыгын туһанан уонна сөптөөх температураны тутуһан балтараа ый кэминэн икки төбөлөөх сардаана сибэккини тылыннарда. Онуоха уопуттаах учуонай энергияны харыстыыр лаампатааҕар көннөрү лаампа сардаҥалара күн сардаҥатыгар улаханнык майгынныырын этэр. Онон сибэккитин үүннэрэригэр 150 ваттаах боростуой лаампаны туһаммыт. Буортан 1 миэтэрэ тэйиччи туруорбут. Семен Романович урукку сылларга ньургуһуну үүннэрэн, Саха сирин олохтоохторун сөхтөрөр этэ. Оттон бу сырыыга бастакытын холонон сардаана сибэккини тылыннаран дьонун-сэргэтин үөртэ.

Сиэдэрэй Сэмэн кэрэ сибэккилэрэ Кириһиэнньэ күн хараҕы үөрдэллэр, сүрэҕи манньыталлар. 86-с хаарын санныгар түһэрбит ытык кырдьаҕас олорон турбакка, киэҥ былааннарын олоххо киллэрээри күн солото суох сылдьар. Нэһилиэгин историятын үөрэтэн, матырыйааллары бэлэмниир, чөмчөтөр. Кулун тутар 8 күнүн көрсө кэрэ аҥардары үөрдээри, сардаана үүннэриитигэр иккис холонуутун саҕалыа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА