Кулун турар бастакы күннэригэр бүтүн Саха сирэ уран тарбахтаах уустарын күнүн бэлиэтиэҕэ. Бу күнү Хаҥалас улууһун сүүһүнэн ааҕыллар талааннаах дьоно араас эгэлгэ, мындыр үлэлэринэн улахан күрэхтэргэ, быыстапкаларга кыттан үгүс дьон сэҥээриитин ылыахтара. Онтон аҕыйах хонуктааҕыта тимир уустарын үлэлэрэ “Кружало” атыы-эргиэн киинигэр быыстапкаҕа ситиһиилээхтик кыттыыны ылбыттара.
Хаҥалас улууһун тимир уустарын туһунан интэриэһиргиир буолан балачча матырыйаал хомуйдум. XX үйэ ортоку аҥарыгар диэри сүрдээх элбэх тимир ууһа Хаҥаласка, хас түөлбэ аайы олороро. Уус эйгэлээх дьон идэлэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ аймаҕынан бэриллэрэ. Кэлин уус оҥорор үлэтин араас массыына солбуйда, тимир оҥоһуктары аныгы технологияларынан бэчээттээн, станоктарга таһаарар буоллулар. Ону кытта тэҥҥэ тимир уустарын үлэтин наадата мүлүрүйэн, мөлтөөн, кэлин олох да сүттэ.
1860 сыллаахха кыраайы чинчийээччи Р.К.Маак суруйарынан, Хаҥалас улууһугар 90 тимир ууһа олоро сылдьыбыт. XVIII-с үйэ маҥнайгы аҥаарыттан Самыртай сиригэр-уотугар сахалар үрдүк хаачыстыбалаах тимири уһаараллара Ыраахтааҕылаах Россияҕа биллибитэ. 1724-1727 сс. Дьөппөн уустара Витус Беринг маҥнайгы Камчатскай экспедициятын наадатыгар айаҥҥа наадалаах араас тимир туттар малы оҥорон биэрбиттэр.
Бу дойдуга араас кэмҥэ олорон ааспыт уустар тустарынан ыйыталаһаары Күөрдэм нэһилиэгиттэн төрүттээх Покровкай куоракка олорор Ефремов Владимир Петровиһы кытта атах тэпсэн олорон кэпсэттим. Кини 1950 сыллаахха элбэх оҕолоох Ефремовтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ ийэтэ — Гермогенова Галина Николаевна 1919 сыллаах төрүөх, Мэҥэ-Хаҥалас Наарахатыттан, аҕата — Ефремов Петр Кузьмич 1920 сыллаах төрүөх, Амма Лээгититтэн төрүттээх олус уус дьон эбиттэр. Кыра эрдэҕиттэн уус аҕатын батыһа сылдьан Самыртай уустарын туһунан тугу истибитин-көрбүтүн кэлин сурукка-бичиккэ тиһэр буолбут.
Ол курдук Дьөппөҥҥө былыр олорон ааспыт тимир уустарын туһунан кэпсээбитин билиһиннэрэбин:
“… II Дьөппөн нэһилиэгэр Бүүтэҥэ үрэҕэр, Нуочахаҕа, Быталаахха былыргыттан аҕа ууһунан тимири уһаарбыттара, уһаммыттара биллэр. Ол курдук XIX үйэ иккис аҥарыттан XX үйэ аҥарыгар диэри уон тарбахха баттанар илбистээх этиттэриилээх, суостаах суохапчылаах дьиҥнээх саха уустара олорбуттара. Нуочахаҕа — Федоровтар, Адамовтар, Арҕаа Бэрдьигэстээххэ — Киприяновтар, Салааҕа — Михайловтар, Күбүнүгэ — Афанасьевтар, Күөл оннугар — Архиповтар аҕаларын уустара баһылаан-көһүлээн идэ оҥостубуттар. Олор истэригэр Кииккэ-Уус, Кытааппыт-Уус — Александров Николай, Кирилэ Уус — Павлов Кирилл, Кычыллыыр Уус — Архипов Андрей, Ньукулах уус — Адамов Николай, Маачах Уус — Афанасьев Андрей, Майҕааһын Уус — Афанасьев, Табысхан Уус — Федоров Михаил, Хааһына Уус — Федоров Егор, Айанньыт Уус — Федоров Николай, Кустуй Уус — Федоров Николай, Төөппүй Уус — Федоров Тимофей, Уус Бөтүрүүскэ — Ефремов Петр этилэр.
XIX үйэҕэ Петров Киирик — Кииккэ Уус диэн сүрдээх күүстээх тимири уһаарааччы киһи олоро сылдьыбыт. 1985 сыллаахха Дьөппөҥҥө таҥара дьиэ тутуутугар өһүө маһын таспыта диэн кэпсииллэр. Хатыҥ мас чууркатын хампы туттаҕына хатыҥ уута саккырыыр үһү диэн урут кырдьаҕастар уос номоҕо оҥостон кэпсииллэрэ. Александров Николай — Кытааппыт Уус Тигээйи Иһигэр иккис булгунньах кырдалыгар олорбут. Кини таҥара дьиэтин ааннарын куруугун, иэччэҕин, тутаахтарын тоһоҕотун оҥорбута билиҥҥэ диэри сулууспалыы сылдьаллар. Павлов Кирилл — Кирилэ Уус тимири таптайан тоһоҕо, туттар тэрил оҥороро. Тоһоҕолорун сэлээппэтигэр «КП» — диэн бэчээттээҕэ. Хойукка диэри оҕонньор күөрдүнэн уустар тутталлара. Архипов Өндүрэй — Кычыллыыр Уус Күөл оннугар Өҥөскө уһаммыт. Кычыллыыр Уус тимири уһааран уһаммыта биллэр. Билигин даҕаны тимири уһаарбыт сиригэр Өҥөскө Тимир саахтарын чохчото баар. Бу Дьөппөн уустарыттан тимири уһааран уһаммыт уустартан бүтэһиктэрэ этэ. Адамов Николай — Ньукулай Уус Нуохача Холболооҕор олорбут. Эдэригэр бэйэтин наадатыгар эрэ уһаммыт.
Афанасьев Андрей Михайлович — Маачах Уус Күбүнүгэ Хомустаах диэн сиргэ олорон уһаммыт. Кычыллыыр, Маачах, Майҕааһын уустар Дьөппөн нэһилиэгэр тимирдээх тааһы уһааран уһаммьгг бүтэһик уустар этилэр. Аҕам сэрии иннинэ Маачах уһана турдаҕына сылдьыбыт. Онно саха кыптыыйын эллээбит туттара-хаптара тургэнэ хамсалаах табах быстыҥа бүтэрбит үһү. Уһанар балаҕанын кэннигэр балаҕантан эрэ намыһах тимир сааҕын чохчото баарын көрбүтүн сөҕөрө. Маачах Уус Майҕааһын Уус диэн убайдаах эбит. Быраатын кытта эҥэрдэһэн Хомустаахха олорбуттар. Аҕам кэпсииринэн, Майҕааһын эдэригэр турбут-олорбут, олус сүрэхтээх, үлэни кыайыгас, Маачахтан таһыйа уус эбитэ үһү. Майҕааһын биир туспа дьээбэлээх эбит. Таһырдьаттан эдэр да эмэн да саастаах ыалдьыт киирдэҕинэ, хаһыытаабытынан үрдүгэр түһэн моомолуур эбит. Тутатына иэрийэн барар эбит, онтон сөтөллөн тохтуура үһү. Билигин быһаардахха астма ыарыы буолуохтаах, бука ыарахан тимир үлэтин содула буолуо.
Биэс бырааттыы Федоровтар: Михаил — Табысхаан Уус, Егор — Хааһына уус, Николай — Айанньыт Уус, Николай II — Кустуй Уус, Тимофей — Төөппүй Уус. Бу аҕа ууһа, уус Федоровтар ХХ үйэ, олох уларыйар кэмигэр түбэһэн айар-тутар талааннара кыайан арыллыбакка эрдэ уһаналларын тохтоппуттара. Бэйэлэрин наадаларын эрэ уһанар буолбуттар. Арай Айанньыт Уус эрэ 1953 сылга диэри уһаммыта.
Мин төрөппүт аҕам Ефремов Петр Кузьмич-Уус Бөтүрүүскэ (1920-1981с.). Аҕатынан төрүттэригэр былыр нууччалар кэлиэхтэрин иннигэр тимири уһааран уһаммыт Өҥөр Уус баара үһү. Аҕам Бөтүрүүскэ ол киһиттэн онус көлүөнэ төрүөх киһи, 1946 сыллаахха аармыйаттан кэлэн баран Нуочахаҕа Айанньыт Ууска уһуйуллан суохапчылаах дьиҥнээх саха ууһа буолбута. Кыра эрдэхпинэ ол суохапчытын көрдөрбүтэ. Суохапчы — отучча сантиметр уһуннаах, түөрт сантиметр кэриҥэ кэтиттээх араас диаметрдаах үүттэрдээх үрүҥ чуолҕан тимир этэ. Аҕам бастаан Нуочахаҕа, онтон 1953 сыллаахтан II-Дьөппөҥҥө уһаммыта. Көмөлөһөөччүлэринэн, балтаһытынан Хабыыкка — Николаев Гавриил Алексеевич, онтон Николаев Алексей Иванович — Кутууска үлэлээбиттэрэ. Кинилэр үксүн тыа хаһаайыстыбатын массыыналарын өрөмүөннүүллэр эбит. II-Дьөппөн нэһилиэгин бүтэһик суохапчылаах ууһа Уус Бөтүрүүскэ 1958 сыллаахха уһанан бүппүтэ. Ааспыт үйэ 50 сылларыттан Саха сирин үрдүнэн этитиилээх, суохапчылаах дьиҥ саха уустарын кыһалара сөҕүрүйэргэ барбыта» – диэн Владимир Петрович кэпсээнин түмүктээтэ.
Ол да буоллар аатырбыт суохапчылаах саха уустарын суолларын хайан билиҥҥи эдэр көлүөнэ уус уолаттара Россия, Аан дойду таһымыгар таҕыстылар. XXI үйэҕэ аатырбыт Маачах уус хос сиэнэ Александр Данилов өбүгэлэрин удьуордаан, Бүүтэҥэ, Буотама үрэхтэрин тааһын былыргылыы уһаарар, наукаҕа тирэҕирэн үөрэтэр. Хас да сүүһүнэн сылларга, айылҕаттан айдарыылаах, үөрэҕэ суох саха былыргы мындыр уустара нуучча, омук тимириттэн сүүһүнэн ордук үрдүк хаачыстыбалаах тимири хайдах уһааран, эллээн, чочуйан оҥорбут былыргы оҥоһуктарын чинчийэр.
Александр Дмитриевич Данилов сахалартан соҕотох Россия оружейниктарын гильдиятын чилиэнэ, Саха Республикатын норуотун маастара, Россия наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын В.П.Ларионов аатынан Хотугу сир физика- техническэй проблемаларын чинчийэр институтугар (ИФТПС СО РАН) саха тимирин уһаарыытынан дьарыктанар уонна үөрэтэр. Төрүт удьуор уустарбыт идэлэрэ үйэлэртэн үйэҕэ салҕана туруоҕа диэн биһиги бигэ эрэллээхпит.