22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Самозанятай" статустаахтарга нолуоктара төннүөн сөп дуо? - #объясняемрф

13:01, 12 апреля 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Самозанятай» статустаахтарга нолуоктара төннүөн сөп дуо? Бу боппуруос тула кэпсэтии билигин суох. Ити эрээри Федеральнайдааҕы нолуок сулууспата уонна үп министиэристибэтэ, наада буоллаҕына, эбии өйүүр миэрэлэри көрөргө бэлэмнэр.

«Самозанятайдарга», атын предпринимателлэргэ холоотоххо, саамай кыра нолуок ставката туттуллар:
🔹 4%, өскөтүн табаар уонна өҥө физическэй сирэйгэ атыыламмыт, оҥоһуллубут буоллаҕына;
🔹 6%, өскөтүн тэрилтэлэргэ эбэтэр ИП-ларга.

Сыллааҕы дохуот саамай үрдүк көрдөрүүтүн — 2,4 мөл солк — ылар да буоллахха — кинилэр ыйдааҕы нолуоктара 8 — 12 тыһ солк буолар.

Дойдуга билигин 4,5 мөл «самозанятай» статустаах баар, сыл саҕаланыытыттан бу сыыппара 600 тыһыынча киһинэн улаатта (аҥардас кулун тутарга 242 тыһыынча). Дохуоттарын таһыма да үрдүүр: 2022 сыл 1 кыбаарталыгар, былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, 20% эбилиннэ, суруйда #объясняемрф

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА