Бэҕэһээ дойдубут тэбэр сүрэҕэр — Москва куоракка «Медиа-менеджер России – 2016» национальнай бириэмийэни бу эйгэ бастыҥнарыгар туттардылар. Үрдүк таһымнаах наҕараадаҕа Саха сириттэн соҕотох “Сахамедиа” генеральнай дириэктэрэ Кирилл Алексеев тигистэ. Кини конвергентнай эрэдээксийэни тэрийии иһин үрдүк биһирэбили ылла.
Россия медиа эйгэтин чулуу дьоно 20-тэн тахса тус ааты тутан үөрүүлэрэ үрдээтэ.
Быйыл наҕараада 16-с төгүлүн ыытылынна. Гран-при хаһаайынынан «Газпром-медиа холдинг» генеральнай дириэктэрэ Дмитрий Чернышенко буолла. «Аргументы и факты» САО генеральнай дириэктэрэ Руслан Новиков, «Дождь» салайааччыта Наталья Синдеева, «Российская газета» филиалын салайааччыта Владимир Ладнай, «Свободная пресса» бэчээттиир дьиэ салайааччыта Юрий Таранцов, «Эфир» медиахолдинг дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Григорьев уо.д.а. буоллулар.
Тэрээһин сүрүн бэлиэтэ – хопто. Бу көтүүнү уонна көҥүлү бэлиэтиир статуэтка. Россия бастыҥ экспердэрэ наҕараадаҕа ким тиксэрин быһаараллар.
Кирилл Алексеев сыанаҕа тахсан туран, Саха сирэ Россия саамай бөдөҥ региона буоларын, нуучча, саха тылларын таптыырга уонна сайыннарарга ыҥырда. Онуоха кини салайар медиахолдина төһүү кылааты киллэрэрин эттэ. Манна икки тылынан бэчээттэнэр таһаарыылар баалларын эбэн этиэххэ сөп.
«Биһиги үлэбитин идэтийбит эргимтэ үрдүктүк сыаналаабытыттан олус үөрдүм, дьоллоннум. Судаарыстыба көрдөрөр иһитиннэрэр тиһиктэрэ кэтэх таһаарыылары кытта кытаанахтык күрэстэһэллэр уонна куруук кыайыылаах тахсаллар», — диэтэ кини.