Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бары уулуустарга, нэһилиэктэргэ сахалыы дьыктаан сурулунна. Лингвист -тюрколог, суруйааччы, общественнай деятель Гавриил Васильевич Баишев-Алтан Сарын төрөөбүтэ 125 сылыгар ананна.
Саха норуотун биир чаҕылхай уола Алтан Саарын «Киэһээ айан» диэн айымньытыттан быһа тардан дьыктаан сурулунна. Национальнай библиотекаҕа ыытыллыбыт «Сахалыы дьыктаан» суруйуутугар аудиовизуальнай киинэ архыыбыттан Винокурова Марина уонна Пшенникова Анна көхтөөх кыттыыны ыллылар.
«Саха норуотун улуу сырдатааччыта, талааннаах лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр уонна Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр анаммыт сахалыы дьыктааҥҥа кытынныбыт. Сахалыы ыраастык саҥарар, уустаан-ураннаан суруйар туhугар, ийэ тылбытын билиэх, үөрэтиэх, баhылыах тустаахпыт дии саныыбыт. Саха норуотун суругар-бичигэр бастакы учуонай-лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр анаммыт дьаһалга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас тэрээһиннэр буоллулар. Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар общественность улахан мунньаҕа буолла. Онно И.С.Жараев аатынан СӨ норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинин салайааччыта С.И.Москвитин, үгүс тэрилтэ салайааччылара, Саха тылын сүгүрүйээччилэрэ, устудьуоннар өрө көтөҕүллэн сырыттылар. Бу Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр ураты күн буолар», — диэн суруйда СИА-ҕа Марина Винокурова.
Сахалыы дьыктаан 2014 сыллаахтан ыытыллар.
Дьыктаан тиэкиһэ:
Киэһээ айан
Киэһээ буолла – күн дьааһыгырда, от-мас күлүгүрэн көстөр буолла. Ыраах Дьааҥылар төбөлөрүгэр күрэнэн эрэр күн уота, кыбыстыбыкка дылы, кылабаччыйа көтөн хаалла. Арҕаа халлаан улаҕата күрэнэн эрэр күнү гытта, кутаалаах уотунан кырбаһан, кыһыл солкону тиирэ тарпыт көрдүк, кытара буста.
Онон-манан, утуу-субуу уоттаах сулустар уһулута ойон таҕыстылар. Сындыыс уоттар, тыһы кылы сыыйа тардан кээспит курдук, сытыытык сыыйыллан сырыстылар.
Борук-сорук буулаан, бадыа-бүдүө баһыйан тиийэн кэллэ.
Арҕаа диэки хайа адаархай арҕаһа, аҕам киһи аргынньахтыы түһэн олорорун көрдүк, аргыый аҕай аастыйан түһэн барда. Илин диэки эҥэр хайа иҥнэккэй иэдэһэ, эмээхсин дьахтар энэлийэ туойа олорорун көрдүк, эҥээрийэ кэхтэн түстэ.
Кэтэх хайа кирбии таастара, кэтэспиккэ дылы кэри-куру буолан, кистэнэр анныгар киирдилэр. Күндү күөх халлаан, күрүҥ сылгы көтөгөйүн түүтүн көрдүк, күдэн хара күлүктэннэ.
Киһи санаата салыттар сай-күдүө тыыннаах, куйахата күүрэр күрүҥ хара дьүһүннээх, этэ салаһар эҥсэ-обот эркиннээх, эппит тыл энэлгэн тойук буолар иҥсэлээх киэһээбит элиэтээн тиийэн кэллэ. От-мас, улам-улам күлүгүрэн, чугаһаан, хойдон көстөр буолла. Аппа сир алыс элбээтэ, тэхтир эниэ дьэ дэлэйдэ.
Сыарҕаларбыт сыҥаахтарын тыаһа хайдах эрэ иҥсэлэнэн, энэлгэннэнэн иһиллэр буолла. Саҥарбыт саҥа саталанан сатараан барар сааскы дьыбар түстэ. Табаларбыт туйахтарын тыастара, сытыы анньыы көрдүк чыыбырҕаан түһэн иһилиннэ. Иһиллээбиккэ дылы эҥсэлээх киэһэ буолла: кыра да саҥа сатараан иһиллэр, оччугуй да тыас дорҕооннонон барар имэҥнээх этигэн киэһэ кэллэ.
Алтан Сарын. Тоҕус этиҥ тойуга, 162 с.