Уус Алдан Кэптэнитигэр сэргэх тэрээhин ааста. Олохтоохтор уонна көрөөччүлэр бэлиэтииллэр биһирээтилэр. СахаКВН хаhааҥҥытааҕар да таhымнаахтык ааста. Драйв, энергетика, атмосфера, доҕордоhуу, тыҥааhыннаах киирсии.
Саха сиригэр 5 төгүллээх чемпион үрдүк аатын ылбыт «Лөгөй өрүөлчээннэрэ» хамаанда 20 сыллаах үбүлүөйдээх Кубогар аналлаах III өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саха КВН» оонньуута буолла. Икки күннээх оонньуу түмүгүнэн бастыҥнар ааттаннылар.
Бастакы миэстэ – аммалар, «Чаҕылхайдар» (Е.А. Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолата). Хамаанда оонньуу хас да бирииhин итэҕэтиилээхик ылла. «Күн күлүүк» (Мисс КВН) – Нарыйа Судинова. «Бастыҥ куолас» – Алина Онуфриева. Иккиэн «Чаҕылхайдар»! Салайааччылара Ольга Николаевна Никитина «Саталлаах салайааччы» үрдүк аатын сүктэ.
«Кылгас кэм иhигэр хамаанда лаппа кыаҕырбыт, арааhа финалга кыахтаах оонньууну көрдөрөрө буолуо» – диэн дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Саха КВН Лигата» ыччат общественнай тэрилтэтин салайааччыта Геннадий Охлопков санаатын эттэ.
Олох аҕыйан баалынан хаалан, иккискэ таҕыста – Горнайтан сылдьар «Солоҕон» хамаанда (С.И. Тарасов аатынан Өрт орто оскуолата). Хамаанда финал аҥарыттан күүстээх оонньууну көрдөрдө. Өйдөнөн хаалар чаҕылхай уобараhы бэлэхтээбит «Солоҕон» хамаанда хапытаана Андрей Пахомов «Көрдөөх көкөт» (Мистер КВН) үрдүк ааты ылыан ылла.
Үhүс миэстэҕэ инникитин лаппа сайдар кыахтаах Ньурба улууhун «Айыы оҕолоро» хамаанда таҕыста. Оҕолор маладьыастар, соторутааҕыта Сунтаарга ыытыллыбыт «Саха КВН» ыччат оонньууларыгар эмиэ үhүс миэстэни ылбыттара. Ол иhин этэн эрдэхтэрэ, ким элбэхтэ үлэлиир, ол элбэҕи ситиhэр диэн. Ньурбаларга инникитин ситиһиилэри баҕарабыт.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан 1, 2 миэстэни ылбыт хамаандалар бу дьыл муус устар саҥатыгар Дьокуускай куоракка ыытыллар XХ регионнааҕы оскуола оҕолорун «Саха КВН» оонньууларын финалыгар кыттыахтара. Кинилэр финал аҥарынан эрдэ талыллыбыт 9 хамаанданы кытта күөн көрсүөхтэрэ, сүүрбэһис сезон кыайыылааҕын аатын сүгэр иһин илин-кэлин түсүһүөхтэрэ.
Оонньууну сэргэ «Лөгөй өрүөлчээннэрэ» хамаанда үбүлүөйдээх бенефиһин бар дьонугар бэлэхтээтэ. Хамаанда араас сыллардааҕы выпускниктара түмсэн, урукку сыллар чаҕылхай бырагыраамаларыттан быһа тардан көрүдьүөстэрин көрдөрдүлэр, аатырбыт-сураҕырбыт кэмнэрин ахтан-санаан тыл эттилэр, ырыа да ыллаатылар. Бу киэһэ доҕотторо, улуус, нэһилиэк, оскуола дьаһалталара бэйэлэрин уолаттарын, бастыҥ ыччаттарын чиэстээтилэр.
Тэрийэр бөлөх Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччат дьыалатын уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтигэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр, Уус Алдан уулууһун дьаһалтатыгар көмөлөрүн иһин дириҥ махталын биллэрэр, диэн иһитиннэрдэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччат уонна оҕо общественнай тэрилтэлэригэр тирэх буолар киин информационнай сулууспата.