«Сахафильм» уонна Москубатааҕы «Студия Автор» ХЭТ «Не хороните меня без Ивана» диэн киинэ устарга сөбүлэҥ түһэристилэр. «Сахафильм» киинэ устуутугар 20 мөл харчыны РФ Култуураҕа министиэристибэтин күрэҕэр кыайан ылла.
Сөбүлэҥи «Сахафильм» дириэктэрэ Дмитрий Шадрин уонна «Студия Автор» киинэ устуудьуйатын дириэктэрэ Иван Болотников түһэристилэр. Саха киинэтэ бастакытын федеральнай өйөбүлү ылла.
«Федеральнай өйөбүлү бастакы ылыыбыт. Маны биһиги саха киинэтин сайыннарыыга саҥа таһым быһыытынан сыаналыыбыт. Билигин Москуба киинэ устуудьуйаларын кытары кыттыгас үлэлэһэргэ сорук турар. «Не хороните меня без Ивана» диэн ааттаах киинэбитин эһиил бэс ыйын 15 күнүгэр устан саҕалыыр былааннаахпыт. Билигин хамаанданы тэринии, артыыстары кылаабынай оруолларга бигэргэтии бара турар», — диир Дмитрий Шадрин.
Иван Болотников киинэ ис хоһоонун сэҥээрбитин этэр — нуучча худуоһунньуга Иван Попов уһуннук утуйар ыарыылаах (летаргический сон) саха киһитин Егор Бересковтуун доҕордоһууларын туһунан. Киинэ XX үйэ саҕаланыытын сэһэргиир. Киинэни «Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт» киинэтинэн биллибит режиссер Любовь Борисова устуо. Оруолларга саха артыыстарын таһынан Арассыыйа, Латвия, Польша артыыстара кыттыахтара.