2008 сыллаахха Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр “Эдэр саас” хаһыат редакцията аан бастакы “От-шоу” диэн ыччаты үлэҕэ көҕүлүүр, саха төрүт үгэһин тарҕатар сыаллаах оту мунньууга уонна кэбиһиигэ күрэхтэһиини тэрийбитэ.
Сыл аайы күрэхтэһии кыттааччыта элбээн, географията кэҥээн барбыта. “От-шоу” араас сылларга Горнай, Хаҥалас, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Бүлүү, Чурапчы оройуоннарыгар ыытыллыбыта.
2014 сыллаахха “От-шоу” ис хоһооно дириҥээн, “Саха ыччатын – тыа сиригэр: СЫТС” диэн сүрэхтэммитэ. Кыттааччылар оту охсууга, мунньууга, кэбиһиигэ, ынах ыаһыҥҥа, солуур оргутуутугар күрэхтэһэр буолбуттара. Түмүккэ «Бастын кыдамаһыт», «Бастын бугулдьут», «Бастын мунньааччы»,«Бастын түсчүт», «Бастыҥ ыанньыксыт», «Бастыҥ охсооччу» анал ааты ылаллар.
“Ыччат ыарахан үлэни сатаабат, телефону хаһары уонна интернеттиири эрэ сатыыр”, “аныгы оҕолор от диэни билбэттэр”, “билигин ыарахан үлэни барытын тиэхиньикэ оҥорор” диэн элбэхтэ истэбит. Аныгы ыччат өбүгэлэрбит төрүт дьарыгын умнуо суохтаах. Мас кыраабылы тиистээһини, бугулу наһыылкалааһыны, оту кэбиһиигэ түсчүт суолтатын, илии хотуурунан оту охсуу ньымаларын, хотуур таптайары, илиинэн ынах ыаһыны о.д.а билэллэрин туһугар “СЫТС”-ы тэрийэбит.