«Мой бизнес» киин Москваҕа буолбут норуоттар ардыларынааҕы быыстапка-атыыга Саха сирин тимир уустарын быыстапката кыттарын тэрийдэ. Саха сирин маастардара дьиэлэригэр кыайыы көтөллөөх кэллилэр. Тэрээһиҥҥэ маастарыстыбаларын уонна тимир ууһун үгэстэрин көрдөрдүлэр.
Делегация састаабыгар киирдилэр: Радион Шарин уонна Николай Костромин Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан, Андрей Каратаев Бүлүүттэн, Семен Максимов уонна Марат Лопатин Тааттаттан, Александр Михайлов уонна Петр Луковцев Намтан, Арсан Семенов, Владимир Калачев уонна Александр Илларионов Дьокуускайтан.
Тимир уустара араас тургутууну аастылар, оҥоһуктарын көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэ хас да критерийынан көрдө — оҥоһугу чочуйуута, оригинальность, үгэскэ кубулуйбут технологиялары уонна матырыйааллары туттуу.
Түмүккэ:
Радион Шарин — «Полевой кухонный нож» номинацияҕа бастаата уонна «Национальный нож» номинацияҕа үһүстээтэ.
Андрей Каратаев — «Нож туристический» бастаата, «Национальный нож» үһүстээтэ.
Александр Михайлов — «Национальный нож» иккистээтэ.