21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

Саха сиринээҕи "Дьиэ кэргэн" ийэ хапытаалын кээмэйэ кэлэр сылтан икки бүк үрдүүрэ быһаарылынна

15:01, 24 ноября 2023
Текст:
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн эбии социальнай төлөбүрдэр тустарынан быһаарыы ылынна. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаала үһүс уонна онтон кэлэр оҕолорго икки төгүл улаатыаҕа, 300 тыһ солк диэри тэҥнэһиэҕэ.

Элбэх оҕолоох ыаллар «Демография» национальнай бырайыагынан эбии төлөбүрдэри ылыахтарын сөп. «Россия президенэ элбэх оҕолоох ыаллар уопсастыбаҕа сыаннастарын уонна хайысханы ыйан биэрэр суолталаахтарын өйдөтөр соруктары туруорар. Биһиги дойдубутугар дьиэ кэргэни, ийэ буолууну, оҕо сааһы өйөөһүн судаарыстыба сүрүн соруга. Ылыллар миэрэлэр Саха сиригэр төрөөһүнү көҕүлүүллэр, оҕо ахсаана эбиллэр, төрөөһүн саҥа таһымҥа тахсар. Владимир Путин Саха сиригэр демография көрдөрүүтүн өрөспүүбүлүкэ саамай ситиһиитинэн сыаналаабыта», – диэтэ Айсен Николаев.

«Дьиэ кэргэн» регионнааҕы ийэ хапытаала 2011 сылтан үлэлиир. Суумата билигин 151 690 солк, биэс сыл иһигэр маннык төлөбүрүнэн 15 832 ыал туһанна. Күн бүгүн Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыал ахсаана 34 тыһыынча, манна 119 тыһыынча оҕо иитиллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА