Аан дойдутааҕы метеорология тэрилтэтэ (ВМО) Хотугу полушариеҕа саамай намыһах температураны хаттаан көрдө — Россияҕа буолбакка, Гренландияҕа олохтоммут диэн быһаарда. Ол туһунан тэрилтэ саайтыгар суруллар.
«Аан дойдутааҕы метеорология тэрилтэтэ −69,6 °C (−93,3 °F) 1991 сыл ахсынньы 22 күнүгэр Гренландия автоматическай метеорологическай ыстаансыйатыгар бэлиэтэммит температураны саамай намыһаҕынан билиннэ», — этиллэр иһитиннэриигэ. Саҥа рекорд архыып докумуоннарыгар олоҕурда.
Онон Саха сирин территориятыгар 1862 сыл олунньутугар Верхоянскай куоракка −67,8 уонна Өймөкөөҥҥө 1933 сыл тохсунньутугар бэлиэтэммит кыраадыстар Гренландия температуратын рекордугар тиийбэтилэр.
Аан дойдуга саамай намыһах температура −89,2 кыраадыс 1983 сыл от ыйын 21 күнүгэр Антарктидаҕа Восток метеостанциятынан бэлиэтэммитэ диэн, Lenta.ru суруйар.