Тутааччыларга уонна бэдэрээччиктэргэ сорох нолуоктарын «нуулга» тэҥнээһин барыаҕа диэн «Көдьүүстээх интервью» биэриигэ экономика миниистирэ Майя Данилова эттэ диэн, СИА суруйар.
Экономика министиэристибэтин эппиэтинэһигэр нолуогу сүрүннээһин киирэр. Аан дойду үрдүнэн пандемия «негатива» регион экономикатыгар дьайа турар кэмигэр бу хайысха олус суолталанна.
Ордук болҕомто өрөспүүбүлүкэ тутуутун эйгэтигэр ууруллуоҕа. Билигин кинилэр, кыраныысса сабыллыбытынан, үлэһит илии кэлэр-барар бырааба быһыллыбытынан, улахан ночооту көрсөллөр.
«Биһиги баайга-дуолга, тырааныспарга нолуогу «нуулга» тэҥниир былааннаахпыт. Бу тутааччыларга уонна генеральнай бэдэрээччиктэргэ сыһыаннаах. Тоҕо диэтэххэ, тутуу эйгэтэ, ол иһигэр, суол тутуута пандемия охсуутун билэн эрэр. Бу Россия кыраныыссата сабыллан, үлэһит илии кэлбэт-барбат буолбутун кытта сибээстээх«, — диэтэ Майя Данилова.
Ити эрээри кини биир үтүө өрүтү бэлиэтээтэ — олохтоох оробуочай кадрдар тутууга киирсэр уонна бөдөҥ тэрилтэлэргэ үлэлээн, дохуот аахсар кыахтара улаатар.
Миниистир национальнай бырайыактар чэрчилэринэн тутуллар улахан тутуулар тохтотуллубаттарын эттэ. Үбүлээһин кэмиттэн-кэмигэр оҥоһулла турар.