Саҥа култуура дьиэлэрэ Чурапчы, Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар «Культура» национальнай бырайыак чэрчитинэн арыллыахтара. Ол туһунан култуура министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Билигин култуура дьиэтэ Чурапчы Толоонугар, «Саргы түһүлгэтэ» социальнай-култуура киинэ Сунтаар Кириэстээҕэр уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллара Бэстээҕэр култуура сайдыытын киинэ тутулла тураллар.
2019 сылтан Россия президенэ Владимир Путин көҕүлээһининэн «Культура» нацбырайыагынан Саха сиригэр 45 эбийиэк үлэҕэ киирдэ.