2022 сыл балаҕан ыйын 21 күнүгэр РФ президиэнин «Об объявлении частичной мобилизации в Российской Федерации» ыйааҕа тахсыбытынан, Росгвардия Саха сиринээҕи управлениета саалаах дьоҥҥо иһитиннэрии таһаарар.
Ыйаах тахсыбытынан, быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыт саалаах дьон сааҕытын олорор сиргитинэн Росгвардияҕа быстах кэмҥэ харайыыга хаалларыаххытын сөбүн иһитиннэрэллэр, суруйар СИА.
Бу миэрэ сааны сөпкө харайыыны хааччыйар сыаллаах ыытыллар.
Харайыы босхо оҥоһуллар.