4 Ыам ыйа 04.05
  • $ 91,69
  • 98,56

Саха сирин олохтоохторо биэнсийэҕэ эрдэ тахсыахтарын сөп

11:03, 17 февраля 2022
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арктика олохтоохторо биэнсийэҕэ эрдэ тахсар бырааптарын бүтүн Уһук илиҥҥи федеральнай уокурукка тарҕатар туһунан санааны Забайкальскай кыраай сенатора Сергей Михайлов эттэ. Маннык өйөбүл миэрэни Саха сирэ, Чукотка, Магадан уонна Камчатка ылыахтарын сөп диэн ТАСС биллэрэр.

«Биһиги Уһук Илиҥҥи уокуругу сайыннарыахпытын баҕарабыт. Мин санаабар, Уһук Илин эҥэр киһи 25-30 сыл үлэлээбит буоллаҕына, социальнай бакыат көмөтүнэн, биэнсийэҕэ эрдэ тахсар бырааптаах буолуохтаах» — диэн «Уһук Илин уокурук демографическай бэлиитикэтин концепциятын олоххо киллэрии» туһунан сүбэ мунньах кэмигэр Сергей Михайлов санаатын эттэ .

Кини санаатынан, маннык өйөбүл миэрэ Уһук Илин сэттэ регионугар тарҕаныан сөп — Саха сирэ, Чукотка, Магадан уонна Камчатка.

Билигин Арктикаҕа нэһилиэнньэни өйүүр туспа дьаһаллар бааллар. Үлэ кодексын быһыытынан, Уһук хоту сир оройуоннарыгар уонна онно тэҥнэммит сиргэ үлэһиттэргэ хамнастарыгар эбии харчы көрүллүөхтээх. Маны таһынан, хоту олохтоохторо биэнсийэҕэ эрдэ тахсар бырааптаахтар, ону сэргэ судаарыстыба бу сиргэ олохтоммут оройуоннааҕы коэффициент кээмэйинэн биэнсийэҕэ эбии харчы төлөбүрүн көрөр. РФ пенсионнай пуондата Уһук хоту сир олохтоохторугар сынньалаҥҥа айанныыр бырайыастарын ороскуотун төннөрөр.

Арассыыйаҕа биэнсийэ ылар сааһы уһатар сокуон 2019 сыл тохсунньу 1 күнүгэр олоххо киирбитэ. Сокуон сыыйа 2028 сылга диэри толору уларыйыахтаах. Докумуон быһыытынан, биэнсийэ ылар саас эр дьоҥҥо биэс сыл —  65 диэри, дьахталларга 60-гар диэри үрдээтэ ( эрдэ 63- гэр диэри этэ). Ону тэҥэ,  эрдэ биэнсийэҕэ тахсарга болдьох үс сыл сарбылынна: эр дьоҥҥо — 45- тэн 42- гэр диэри, дьахталларга 40- тан 37- гэр диэри.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА