Бүгүн, ыам ыйын 30 күнүгэр, 2023 сылга уопсастыбаннай миэстэлэри тупсарыыга бырайыактары талыы тохтуур. Дьаһал «Дьиэ уонна куорат эйгэтэ» нацбырайыак иитинэн «Куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу» федеральнайдааҕы бырайыагынан ыытыллар, суруйар регион сүрүн пресс-сулууспата.
Саха сирин олохтоохторо бэйэлэрин олорор нэһилиэнньэлээх пууннарыгар уопсастыбаннай миэстэни тупсарыныыга бырайыактарга куоластаатылар. Манна 14-тэн үөһэ саастаахтар кытыннылар. Элбэх баалы ылбыт бырайыак федеральнайдааҕы бюджеттан үбүлэниэн сөп.
Быйыл куоластааһыҥҥа Алдан, Аллара Кураанах, Амма, Ленскэй, Аллара Бэстээх, Мииринэй, Айхал, Удачнай, Нерюнгри, Уус-Ньара, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Ытык-Күөл, Бороҕон, Мохсоҕоллоох, Жатай, Дьокуускай бааллар.
Дьокуускайга биэс территория киирсэр: Сайсары күөл кытыла, Ийэ скверэ, Роман Михайлович Дмитриев аатынан биэрэк кытыыта, Т.Е. Сметанин «Лоокуут уонна Ньургуһун» айымньытынан биэрэк үрдэ, Федор Кузьмич Попов аатынан сквер, тутааччылар сквердэрэ.
2021 сыллаахха 59 тыһыынчаттан тахса киһи Саха сирин 13 куоратыгар уонна сэлиэнньэтигэр тупсарыныы бырайыагар куоластаабыта. Ол түмүгүнэн 11 паарка, болуоссат, сквер Ньурбаҕа, Майаҕа, Айхалга, Уус-Майаҕа, Сунтаарга, Үөһээ Бүлүүгэ, Кэбээйигэ, Аппааныга, Намҥа, Өлөнүөккэ, Нүүйэҕэ оҥоһуллубута.