Кыргызстаҥҥа балаҕан ыйын 1-9 күннэригэр ыытыллар мас тардыһыытыгар II-с аан дойдутааҕы чемпионакка биир үксүн Саха сирин мадьыныларыттан турар Россия сүүмэрдэммит хамаандата кыттар.
Дойду хамаандатыгар 11 саха баар: Игорь Дьяконов (60 кг диэри), Афанасий Платонов (70 кг диэри), Анатолий Гладков (80 кг диэри), Павел Черноградскай (90 кг диэри), Виктор Докалов (105 кг диэри), Анатолий Баишев (125 кг диэри), Анна Охлопкова (55 кг диэри), Марина Федоренко (65 кг диэри), Туяра Орлова (75 кг диэри), Саина Седалищева (85 кг диэри) уонна Татьяна Григорь (85 кг тахса).
125 кг үөһээ ыйааһыҥҥа аан дойду чөмпүйүөнэ Виктор Колибабчук американец Мартинс Лицисаттан кыайыыны өрө охсон ыларга дьулуһуоҕа.
«Кыһыл көмүс мэтээл иһин киирсиэхпит. Атырдьах ыйын 31 күнүгэр күрэхтэһиигэ тиийиэхпит. Аан дойду чемпионатыгар күрэстэһии олус улахан. АХШ, Украина, Польша уонна Литва хамаандаларын ордук чорботон бэлиэтиэх этим. Колибабчук уонна Мартинс Лициса күөн көрсүһүүлэрэ болҕомто эргийэр киинигэр туруоҕа», — диэн СИА-ҕа ыстаарсай тренер Николай Константинов эттэ.
Муус устар 22-26 күннэригэр Тверь куоракка ыытыллыбыт Россия чемпионатын түмүгүнэн хамаанда сүүмэрдэммит. Константинов этэринэн, хамаанда састаабыгар уларыйыылар киирбиттэр: «Рустам Ксенофонтов үлэтигэр мэһэйдэтэн күрэхтэһиигэ кыттыбат. Кини оннугар Европа чемпионатыгар кыайбыт Анатолий Баишев барар».