22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирин икки оройуонугар зондировщик-сөмөлүөт үлэлиэҕэ

16:03, 13 июня 2023
Фото: Мария Васильева/ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин сиригэр-уотугар Томпо уонна Уус-Маайа оройуоннарыгар икки ойуур баһаара баар. Бу оройуоннарга зондировщик-сөмөлүөт үлэтэ былааннанар. Бу туһунан Дмитрий Садовников оперштаб сүбэ мунньаҕын түмүгүнэн иһитиннэрдэ.

«Билигин ойуур баһаара Томпо уонна Уус-Маайа оройуоннарыгар баар, онно зондировщик үлэтин былаанныыбыт. Уопсайынан, сезоҥҥа 31 баһаар бэлиэтэннэ. Ааспыт сыл туһааннаах кэмигэр бу көрдөрүү 80-тан тахса этэ. Көрдөрүү аҕыйаата эрээри, урукку дьыллары учуоттуур буоллахха, баһаар муҥутуур кэмэ бэс ыйын сүүрбэтин диэки сөп түбэһэр. Онон быһыыны-майгыны мэлдьи кэтии сылдьабыт. Оройуоннары кытта ыкса сибээскэ үлэлиибит, олохтоох нэһилиэнньэ ойуурга тахсарынан төһө кыалларынан аччата сатыыбыт», — диэтэ Дмитрий Садовников.

Ардахтаах күннэр тураннар, өрөспүүбүлүкэ улахан аҥарыгар баһаары умуруорууга табыгастаах диэн бэлиэтииллэр. Чугастааҕы сууккаҕа киин, илин эҥэр, соҕуруу оройуоннарга, ону тэҥэ хотугулуу-илин диэки сөҥүү түһэрэ күүтүллэр диэн синоптиктар билгэлииллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА