28 Муус устар 28.04
  • -6°
  • $ 91,78
  • 98,03

Саха сирин хамаандатыгар Алексей Копылов Коркин турнирын бастакы мэтээлин аҕалла

14:07, 08 сентября 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дмитрий Коркин аатынан көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир бастакы мэтээлин Саха сиригэр Алексей Копылов аҕалла.

Саха сирин спортсмена 57 кг диэри ыйааһыҥҥа боруонса призер буолла. Кини утарсааччыта, ону тэҥэ Саха тустууга оскуолатын биир иитиллээччитэ Уйгулаан Иванов эчэйии ылан сатаан тустуу көбүөрүгэр тахсыбата.

Санатан эттэххэ, үрдүк таһымнаах мэтээл иһин престижнэй турнир финалыгар Саха сириттэн Виктор Рассадин, Константин Капрынов, Роман Николаев уонна Ньургун Сергин киирсиэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар