22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирин экономикатыгар ПМЭФ - 2023 түмүгүнэн 90 млрд солк тахса үп тардылынна

09:32, 30 июня 2023
Текст:
Фото с сайта форума
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирэ Петербургтааҕы норуоттар ардыларынааҕы экономика форумугар өрөспүүбүлүкэ экономикатыгар 90 миллиардтан тахса солкуобайы тарта. Сүрүн сөбүлэҥнэр тустарынан Айсен Николаев «Якутия вперед!» биэриигэ «Якутия 24» ханаалга кэпсээтэ.

Петербургтааҕы норуоттар ардыларынааҕы экономика форума Санкт-Петербурга бэс ыйын 14 — 17 күннэригэр ыытылынна. «Чуолкай түмүктэрдээх буолар кыраапыгынан үлэлээтибит. Былааммыт барыта туолла. Уопсайа 90-тан тахса миллиард солк сөбүлэҥ сурулунна. Олортон сүрүнэ — «Туполев» аахсыйалаах уопсастыбаны кытта Ту-214 мааркалаах 12 сөмөлүөтү 2030 сылга диэри тириэрдии, үлэ 2025 сылга саҕаланар, бастаан «Якутия» хампаанньаҕа икки сөмөлүөт кэлэр, — диэтэ Айсен Николаев.

Саха сирин былааһа бөдөҥ үп институттарын кытта хас да сөбүлэҥ түһэристэ. Сберы кытта  «Школа 21» араллыаҕа, манна IT-идэлэргэ босхо үөрэтиэхтэрэ. Саха сирэ маннык оскуоланы арыйыыга бэһис регион буолар.

Уһук Илини сайыннарыыга министиэристибэни кытта Дьокуускай маастар-былаанын оҥорууга кыттыһарыгар сөбүлэстилэр. «Бары сөбүлэҥнэр Саха сирин дьоно-сэргэтэ хаачыстыбалаах олохтоох буолууларыгар туһаайыллан ылылынна. Питерскай форумҥа ылыллыбыт экономическай, социальнай, үөрэх бырайыактара бары бу хайысханы быһаарыыга туһуланаллар», — диэтэ регион баһылыга.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА