22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирин чэпчэки атлетикаҕа чемпионата бу өрөбүллэргэ буолуоҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэс ыйын 11-12 күннэригэр Дьокуускайга «Туймаада» стадиоҥҥа эр дьон уонна дьахталлар ортолоругар чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ чемпионата буолуоҕа. Күрэхтэһии Саха сирин норуоттарын VII спортивнай оонньууларыгар сүүмэрдиир тиһэх түһүмэх буолар, диэн СИА иһитиннэрэр.

Спортсменнар маннык дисциплиналарга күрэхтэһиэхтэрэ, сүүрүү 100 м, 200 м, 800 м, 1500 м, 3000 м (дьахталлар), 5000 м (эр дьон, дьахталлар), 10 000 м (эр дьон), уһуну ыстаныы, үстэ ойуу, спортивнай хаамыы 3000 м (дьахталлар) уонна шведскай эстафета 800 х 400 х 100.

Хас биирдии спортсмен икки индивидуальнай дисциплиналарга уонна эстафетаҕа кыттар бырааптаах. Оонньуу финальнай чааһыгар икки сүүмэрдиир күрэхтэһии түмүгүнэн 16 бастыҥ спортсмен киириэҕэ. Эстафетаҕа сүүмэрдээһин түмүгүнэн 8 бастакы хамаандата эрэ киириэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА