Саха сирин быраастара Донецкай өрөспүүбүлүкэ Кировскай куоратыгар гуманитарнай өҥөнү оҥорон бүттүлэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай клиническэй балыыһа сүрүн исписэлиистэрэ Иван Луцкан салалтатынан икки нэдиэлэ устата Арассыыйа саҥа регионун олохтоохторугар уонна байыаннайдарга медицинскэй көмөнү оҥордулар.
Медицинскэй десант Кировскай куорат киин балыыһатыгар үлэлээбитэ. Саха исписэлиистэрэ 163 эпэрээссийэни оҥордулар, офтальмологическай консультация ыыттылар, кардиологтар уонна неврологтар 1495 киһини көрдүлэр, 540 киһини УЗИ-га түһэрдилэр уонна 339 маммографическай чинчийиини оҥордулар.
«Доруобуйа харыстабылыгар өйөбүл биһиэхэ чахчы олус наадалаах. Биһиэхэ каадырдарга, лабораторнай чинчийиилэргэ, препараттарга улахан дефицит баар. Бу хайысхаҕа эмиэ улахан көмө оҥоһулунна – аныгы медицинскэй оборудование уонна матырыйааллар кэллилэр», — диэн Кировскай куорат дьаһалтатыгар иһитиннэрдилэр.
Иван Луцкан эрэннэрбитинэн, манан көмө оҥоһуллан бүппэтэ, маннык консультациялары Кировскай куорат киин балыыһатыгар кэлин да ыытыахтара.