23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха сирин балыыһаларыгар «da Vinci» робот-хирурдары туруоруохтара

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2018 сылга «da Vinci» үс робот-хирург Саха сирин балыыһаларыгар туруоруллуоҕа. Ити туһунан доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Охлопков өрөспүүбүлүкэ баһылыга Егор Борисов доруобуйа харыстабылын эргимтэтин кытта көрсүһүүтүгэр эттэ.


2030 сылга диэри болдьохтоох үрдүк технологиялаах медицинэни сайыннарыы концепциятын чэрчитинэн «da Vinci» үс аппарааты Национальнай медицинэ киинигэр, 2-с №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Дьокуускайдааҕы офтальмологическай балыыһаларга туруоруохтара. Аныгы тиэхиньикэ тус хайысханан эпирээссийэлэри оҥорор: офтальмология, сүрэх-тымыр, абдоминальнай хирургия, гинекология уонна урология.

«Аппараат эпирээссийэлиир учаастагы чопчу буларынан, ыарыһахха куттала суоҕунан, көдьүүстээҕинэн уонна тэйиччиттэн олорон салайар кыах баарынан уратылаах », —диир Михаил Охлопков.

Саха сирин баһылыга Егор Борисов сорудаҕынан 2030 сылга диэри кэмнээх үрдүк технологиялаах медицинскэй көмөнү сайыннарыы концепциятын бырайыага – стратегическай суолталаах докумуон оҥоһуллубута. Үрдүк технологиялаах медицинскэй көмөнөн хааччыйыы бу докумуон сүрүн сыала-соруга.

«da Vinci» хирургическай комплекс — хирургическэй эпирээссийэни оҥорор аппараат. Кини икки блоктаах, бастакыта оператор-хирурга аналлаах, иккиһэ түөрт илиилээх робот-манипулятор эпирээссийэни оҥорор.

Бүгүҥҥү туругунан Россияҕа биэс «da Vinci» хирургическэй систиэмэ баар: Москваҕа, Санкт-Петербурга, Ханты-Мансийскайга, Екатеринбурга, Новосибирскайга, Тюменьҥэ, Краснодарга, Ростов-на-Дону куоракка уонна Русскай арыыга.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА