Саха сирэ – дойду президенэ көҕүлээбит национальнай бырайыагынан регионнарга саҥардыллар аэропортаахтарга лидер буолар.
Барыта «Комплексный план модернизации и расширения магистральной инфраструктуры» бырагыраамаҕа Саха сиригэр 14 аэропорт киирэр.
Санаттахха, өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 31 аэропорт баар, онтон улахан аҥара ааспыт үйэ 40-50-с сыллардааҕы тутуулара. Буор балаһалаах аэропорттар бааллар, сааскы халаан уутугар алдьана тураллар. Онон олору оҥортуур бүгүҥҥү олох ирдэбилэ буолар.
Национальнай бырайыагынан бу сылларга оҥоһулунна: Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Белай Гора, Депутатскай, Сангаар, Хаандыга, Бүлүү, Дьокуускай уонна Черскэй аэропортара. Бу соторутааҕыта Нерюнгри оройуонун Чульманыгар саҥардыллыбыт аэропорт арыллыыта буолла.
Сиһилии https://ysia.ru/modernizatsiya-aeroportov-yakutii-glavnye-tsifry-i-fakty/