Саха сиригэр ыһыы хампаанньата саҕаланна. Быйылгы сааскы ыһыы-олордуу үлэтигэр уопсайа 191 мөл. солк. көрүлүннэ. Тыа хаһаайыстыбатын култуураларын ыһыы былаана 49 тыһыынча гектарга тэҥнэһэр. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Петр Попов «Актуальное интервью» биэрии кэмигэр Якутия 24 ханаалыгар кэпсээтэ.
Петр Попов этэринэн, быйылгы сааскы ыһыы-олордуу үлэтигэр барыта 191 мөл. солк. көрүллүбүт, ол иһигэр бурдугу оҥорон таһаарыыны өйөөһүҥҥэ — 103 мөл. солк., хортуоппуйу оҥорон таһаарыыны өйөөһүҥҥэ — 62 мөл. солк. уонна оҕуруот аһын оҥорон таһаарыыны өйөөһүҥҥэ — 26 мөл. солк. көрүллүбүт. Билигин аграрийдарга 160 мөл. солк. тиэрдилиннэ, ити уопсай сууматтан 88%. Хаалбыт үбү ыам ыйын бүтүөр диэри тиэрдиэхтэрэ.
Ону таһынан, 2022 сылга Арассыыйа тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтитэ бастакытын уоҕурдуу ыларга көмөлөһүөҕэ. 1100 туонна уоҕурдуу атыылаһарга 33 мөл. солк. кэриҥэ үбү көрдүлэр. Хортуоппуйу, бурдугу, оҕуруот аһын үүннэриини өйөөһүҥҥэ олохтоох салайыныы уорганнарыгар, куорат уокуруктарыгар субвенция курдук бэрилиннэ.
«Уопсайынан, өрөспүүбүлүкэҕэ ыһыллар үлэлэр штатнай режиминэн ыытыллаллар. Биһиги хас биирдии муниципальнай оройуону кытта хардарыта сибээстэһэбит, баар боппуруостары суһаллык быһаарабыт. 2022 сылга тыа хаһаайыстыбатын култууратын ыһыы былаана 49 тыһыынча гектар, онтон туорахтаах култуураҕа 10,7 тыһыынча гектар, сүөһү аһылыгар 30,5 тыһыынча гектар, хортуоппуйу 6,58 тыһыынча гектар, оҕуруот аһын 1,37 тыһыынча гектар ыһылынна», — диэн миниистири солбуйааччы бэлиэтээтэ.