2024 сылга тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт 3 тыһыынча гектар иэннээх сири чөлүгэр түһэриэхтэрэ. Бу сыалга федеральнай бюджеттан субсидия быһыытынан 19 мөл солк тыырыллар. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.
Субсидия ыстаапката сири кытта үлэҕэ бырайыак ороскуотун 50% сабар. Маннык миэрэ Саха сиригэр 2023 сылтан «Мелиорация сельскохозяйственных земель и сельскохозяйственное водоснабжение» биэдэмистибэ бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар.
Былырыын 3800 гектар сир чөлүгэр түһэриллибитэ.
Ил Дархан тосхолго ыйааҕар олоҕуран, 2030 сылга туттуллар бааһына иэнин 70 тыһыынча гектарга диэри улаатыннарыллыахтаах, ол иһигэр «культуртехническай» үлэ суотугар.