22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр сылгыны иитиэн баҕалаахтарга 50-нуу гектары босхо түҥэтиэхтэрэ

18:05, 09 июня 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр сылгы иитиитинэн дьарыктаныахтарын баҕарар дьоҥҥо 50-нуу гектар сири босхо түҥэтиэхтэрэ, бу туһунан Егор Борисов эттэ.


Манна сөптөөх докумуоҥҥа күһүн илии баттыырга бэлэмин иһитиннэрдэ.

Бу иннинэ Егор Борисов «Россия24» ханаал эфиригэр интервью биэрэригэр Уһук Илиҥҥи региоҥҥа 1 гектар сири түҥэтии бырагырааматыгар эбии олохтоох дьоҥҥо 2,5 гектары биэрэр туһунан эппитэ. Ити ордук тыа хаһаайыстыбатын өйүүр сыалтан ылыллар дьаһал буоларын эппитэ.

Өрөспүүбүлүкэ салалтата дьону сиринэн хааччыйар дьаһала итинэн түмүктэммэт. Ол курдук ыраах сытар учаастактары ылан кэтэх хаһаайыстыба тэринэр баҕалаах дьоҥҥо 20 гектар сир босхо бэриллиэн сөбө этиллибитэ.

«Маны таһынан, күһүн өссө биир докумуоҥҥа илии баттыам. Онно сылгы иитиитинэн дьарыктаныан баҕалаахтарга 50-нуу гектар сир босхо бэриллэрин туһунан буолуоҕа», — диэтэ Ил Дархан.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА