Сэтинньи 4-6 күннэригэр Саха сирин Госавтоинспекциятын үлэһиттэрэ 70-тан тахса итирик суоппары туттулар. Кинилэртэн тоҕус киһи хат итирик туруктаах уруулга олорбут, кинилэри холуобунай эппиэккэ тардыахтара, диэн биэдэмистибэ пресс-сулууспатыгар кэпсээтилэр.
Үс күн иһигэр рейдэлэр барыта 1372 кэһиини бэлиэтээтилэр. Ол курдук, 75 киһи массыынаны суоппардыыр дастабырыанньата суох ыыта сылдьыбыттар, 23 киһи бырааптарын быстаран баран уруулга олорбуттар.
Ону таһынан, 300-чэкэ киһи куттал суох буолуутун хааччыйар куру иилиммэккэ, 75- ча киһи оҕолору сокуону кэһиилээх тиэнэ сылдьыбыт, өссө 89 суоппары өстүөкүлэлэрин хараардыбыттарын иһин эппиэтинэскэ тартылар.
Саха сиринээҕи ГИБДД өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарыгар киэҥ хабааннаах рейдэлэр бара туралларын бэлиэтээтэ.