Национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ биэс сыл иһигэр Саха сирэ федеральнай бүддьүөттэн 140 млрд солк кэриҥэ үбү-харчыны туһанна, онтон бу национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ уопсайа 190 млрд солк. туһанылынна.
Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков Саха сирин ситэриилээх былааһын түмүк отчуотун быһа эпиирин кэмигэр иһитиннэрдэ.
Кини 2023 сылга национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ 70 млрд солк., ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 54 млрд солк. көрүллүбүтүн туһунан эттэ. Ааспыт сылга Саха сиригэр 57 социальнай эбийиэк тутуллан, 705 тыһыынча кв. миэтэрэ иэннээх дьиэ үлэҕэ киирбит.
Премьер-миниистир саамай бэлиэ эбийиэгинэн Дьокуускайга онкологическай киин үлэҕэ киирбитин бэлиэтээтэ. Кини онкологическай диспансер урут 25 куойкалаах эргэ дьиэҕэ үлэлээбитин туһунан санатта. Итини сэргэ демография үрдээһининэн кэлиҥҥи сылларга бырабыыталыстыба иннигэр саҥа оскуолалары уонна оҕо уһуйааннарын тутууга, доруобуйа харыстабылын тиһигин сайыннарыыга соруктар туралларын бэлиэтээтэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.