2024 сылга Саха сиригэр 10 ФАП уонна быраас амбулаторията тутуута түмүктэннэ. «Доруобуйа харыстабыла» нацбырайыак «Модернизация первичного звена здравоохранения» бырагыраамата региоҥҥа былаан быһыытынан үлэлиир.
Дьон доруобуйатын туругун эмтэнэригэр, тупсарынарыгар анаммыт саҥа эбийиэктэр баар буоллулар:
Уус Алдан Бээдьитигэр
Хаҥалас Төхтүрүгэр уонна Чапаевотыгар
Мэҥэ Хаҥалас Суолатыгар уонна Нуораҕанатыгар
Амма Бөтүҥэр
Бүлүү Илбэҥэтигэр
Нам Хатаһыгар
Таатта Кыйытыгар
Чурапчы Дириҥэр.