22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин тутуутун түргэтэтэр былааннаахтар

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков «Модернизация первичного звена здравоохранения» бырайыагынан тутуллар тоҕус эбийиэк тутуутун түргэтэтэр туһунан эттэ. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Сунтаар улууһун Элгээйитигэр быраас амбулаторията, Аммаҕа сменаҕа 200 киһи киирэр поликлиниката, Ньурбаҕа, Намҥа, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүү улууһун Андреевское сэлиэнньэтигэр эмтиир куорпустар, Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар уонна Кэбээйи Сангаарыгар балыыһа комплекстара, Аллараа Бэстээххэ учаастактааҕы балыыһа тутуулара киирсэллэр.

Премьер-миниистир эбийиэктэр оһуобай хонтуруолга туралларын уонна «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак былааныгар киирэллэрин эттэ. «Тутуу бары үлэтэ хаачыстыбалаахтык толоруллуохтаах уонна болдьоҕор киириэхтээхтэр. Тымныылар түһүөхтэрин иннинэ 2025 сылга үлэҕэ киириэхтээх эбийиэктэргэ бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннарыгар судаарыстыбаннай экспертиза түмүгүн ыларга», – соруйда Кирилл Бычков.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА