14 Кулун тутар 14.03
  • -31°
  • $ 86,62
  • 94,26

Саха сиригэр дьоҕус уонна орто бизнеһинэн дьарыктанааччы сылын аайы эбиллэр

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр 124 тыһыынча киһи дьоҕус уонна орто предпринимательство эйгэтигэр үлэлиир. Ол туһунан хайысха миниистирэ Максим Карбушев иһитиннэрдэ.

Дьоҕус уонна орто бизнеһинэн, өрөспүүбүлүкэ үлэлиир нэһилиэнньэтин ахсааныгар таһаардахха, чиэппэрэ дьарыктанар диэн этилиннэ.

«Элбэх киһи, сылын аайы 8% эбиллэн иһэр. Саха сиригэр бизнес инкубатордар үлэлэрэ салҕанан барар, «Мой бизнес» киин көдьүүстээхтик сайдар. Арктика улуустара хабыллаллар, эбии Дьааҥыга уонна Аллара Халымаҕа кииннэр арылыннылар.

Аа пыт сылга «Мой бизнес» бизнеһи тэрийэн ыытыыга 800 тахса тэрээһини ыытта», 

— диэтэ Максим Карбушев.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА