22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр балык хаһаайыстыбатын сайыннарыыга 144 мөлүйүөн солк. аныахтара

11:22, 07 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр балык хаһаайыстыбатын комплексын сайннарыыга 2016 сылга 144 мөл.солк. тахса үбүлүлээһин көрүллэр.


Кулун тутар 20 күнүгэр Саха сирин Арктика дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт субсидия ылыытыгар куонкурус биллэрбитэ. Уу биоресурсаларын саппааһын кэтээн көрүүгэ 1 мөл.солк., балыктааһыҥҥа ороскуоту төнүннэриигэ 70 мөл.солк., техникэ ылыныыга ороскуоту сабыыга 93,695 мөл.солк.

Аллайыахаҕа 3, Аллараа Халымаҕа 2 леднигы саҥалыы тутан оҥорууга, Булуҥ улууһун Күһүүрүгэр уонна Аллараа Халыма Черскэйигэр балыгы тиэйэр-таһар судноҕа балыгы тута тоҥорор 3 тэрил ылыллыбыт. Итиэннэ Усуйаанаҕа рефрижератор контейнерын уонна Булуҥ Таймылыырыгар катер атыылаһыллыбыт. Судаарыстыбаттан анаммыт субсидияттан бу үлэлэргэ хайысхаларынан тыыран, үбүлээһин оҥоһуллубут.

Маны сэргэ көрүллүбүт субсидия сорох чааһа Усуйаана Казачьетыгар «Фактория и К» ХЭУо балыгы тута астыырга модульнай сыах уонна Булуҥ улууһун Күһүүр сэлиэнньэтин «Чекуровка» община модульнай базаны ылыныыларыгар тыырыллыбыт.

Үбүлээһин өссө биир хайысхатынан Арктика улуустарыттан балыгы тиэйии-таһыы буолар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА