27 Муус устар 27.04
  • -4°
  • $ 91,78
  • 98,03

Саха сиригэр 67 уопсастыбаннай миэстэ куоластааһыҥҥа кыттар

16:01, 14 марта
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кулун тутар 15 күнүттэн Россияҕа уопсастыбаннай эбийиэктэри тупсарыыга куоластааһын саҕаланар. Дьаһал «Жилье и городская среда» нацбырайыак «Формирование комфортной городской среды» бырагырааматынан олоххо киирэр.

Саха сирин 30 оройуонуттан 67 уопсастыбаннай миэстэ куоластааһыҥҥа кыттар. Саха сирин уонна нэһилиэнньэлээх пууннар саҥа көстүүлэрин иһин куоластыырга, өйүүргэ Ил Дархан Айсен Николаев ыҥырыы оҥордо.

Куоластааһын муус устар 30 күнүгэр диэри тэриллэр. 14-тэн үөһэ саастаах Россия олохтооҕо кыттар бырааптаах.

Бырагыраама 2017 сылтан үлэлиир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА