22 Ахсынньы 22.12
  • -39°
  • $ 102,34
  • 106,54

Саха сиригэр 2024 сылга саҥа дьиэни тутан үлэҕэ киллэриигэ рекорд олохтонор

11:55, 19 декабря
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сиригэр бу сылга саҥа дьиэни тутан үлэҕэ киллэриигэ рекорд олохтонно. Ол туһунан Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев эттэ.

«Саха сирин тутуутун историятыгар рекорд олохтонно — 750 тыһ кв м иэннээх дьиэ тутуллан үлэҕэ киирдэ. Бу федеральнай киин, өрөспүүбүлүкэ, тутуу секторын биир сомоҕо үлэлэрин түмүгэ», — диэтэ баһылык.

Маны сэргэ айсен Николаев киэҥ хабааннаах бырайыак хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ ыытылларын эттэ.

«2025 сыл бүтүөр диэри саахалланар туруктаах дьиэттэн 48 тыһыынча киһини көһөрөр сорук турар. Өссө 11 тыһыынча киһи ‘‘Инфраструктура для жизни’’ национальнай бырайыагынан саҥа дьиэнэн хааччыллыаҕа», — диэтэ Айсен Николаев.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА