Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ “Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ” грант ылыытыгар куонкурсун түмүгүн таһаарда.
«Куонкурус түмүгүнэн сэттэ улуустан 13 бааһынай хаһаайыстыба баһылыга грант ылар буолла. Кинилэр оҕуруот аһын олордуунан, сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктаналлар. Харчы хотон, сылгы баазатын тутуутугар, сүөһү, сылгы ылыытыгар, техника, оборудование атыылаһыытыгар бэриллэр”, — диэн миниистир Александр Атласов эттэ диэн пресс-сулууспа суруда.
Быйыл уопсайа 134,7 мөл солк көрүлүннэ, ол иһигэр 112,3 мөл солк – федеральнай үп.
Барыта 41 сайаапка киирбититтэн, 37 киһи куонкуруска кытынна.
Сүөһү иитиитигэр:
- Михайлов Михаил Петрович, Чурапчы улууһа
- Слепцов Иван Иванович, Абый улууһа
- Охлопков Трофим Трофимович, Томпо улууһа
- Комин Михаил Пантелеймонович, Сунтаар улууһа
- Винокуров Арыйан Захарович, Нам улууһа
- Анисимов Семен Степанович, Амма улууһа
- Попов Александр Николаевич, Сунтаар улууһа
Сылгы иитиитигэр:
- Таныкова Евдокия Николаевна, Чурапчы улууһа
- Максимов Петр Сергеевич, Хаҥалас улууһа
- Протопопов Куприян Николаевич, Нам улууһа
Оҕуруот аһын олордууга:
- Фомин Александр Константинович, Амма улууһа
- Петрова Розалия Романовна, Хаҥалас улууһа
- Жирков Александр Степанович, Нам улууһа.
«Куонкуруска киирбэтэхтэргэ быһаарыылаах сурук барбыта. Кыайыылаахтар боротокуоллара таҕыста. Сыаналааһын баал систиэмэтинэн ыытыллар. Ким элбэх баалы ылбыт — ол граны ылар. Хамыыһыйаҕа 16 киһи үлэлээтэ, бэрэссэдээтэллээтэ миниистир солбуйааччыта Николай Степанович Афанасьев«, — диэн хамыыһыйа сэкирэтээрэ Егор Чичигинаров эттэ.