“Саха сирэ” уонна “Якутия” судаарыстыба хаһыаттарын уопсай тирээһэ 110 000 экземплярга тиийдэ. Былырыыҥҥыттан ыла хаһыаттар босхо тарҕанар буолбуттара. Бу сайыҥҥыттан “Сахамедиа” бары хаһыаттар үптэрин саралаан кэлбит буоста өҥөтүттэн аккаастанан, улуустарга бэйэтэ тиэрдэр ньыманы тобулбута. Тохсунньуттан бэйэбит күүспүтүнэн аадырыстарынан тиэрдэбит.
Бу — өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыаттарга хаһан да буола илик көстүү. Тоҕо диэтэр, урут хаһыаты, сурунаалы тиэрдиинэн Арассыыйа буостата эрэ дьарыктанара. Тиэрдии сыанатын бэйэтэ билэринэн олохтуура, ол сурутуу сыанатын улахан аҥаарын ылара. Ол да үрдүнэн, ыраах нэһилиэктэргэ хаһыат хойутаан кэлэр, эбэтэр букатын кэлбэт түгэнэ элбэҕэ.
“Уопсай тираж 110 тыһыынчаттан таҕыста”
Кирилл Алексеев, “Сахамедиа” генеральнай дириэктэрэ:
— Хаһыаттарбытын улуус кииннэригэр тиэрдэргэ такси сулууспаларын уонна «Полярные авиалинии» хампаанньаны кытары үлэлэһэбит. Оттон нэһилиэктэргэ тиэрдэргэ баһылыктары, дьаһалта үлэһиттэрин уонна биирдиилээн предпринимателлэри кытары дуогабардаһабыт. Устуойкаларга уурарга уонна буоста дьааһыктарыгар угарга агеннарбыт үлэлииллэр. Билигин кинилэр ахсааннара сүүстэн таҕыста, өссө да саҥа дьон кэлэ турар. Бу маннык ньыма хаһыаты суһаллык, кэмигэр тиэрдэргэ оруоллаах.
Бүгүҥҥү күҥҥэ “Якутия” уонна “Саха сирэ” хаһыаттар уопсай тиражтара буоста өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕатар бары хаһыаттарын, сурунаалларын холбообут тиражтарынааҕар үрдүк. Бу сылтан хаһыаттар уопсай тиражтарын элбэтэн, 110 тыһыынча экземплярга тиэртибит. Онон өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо дьиҥнээх информацияны кэмигэр толору ыла олороллор.
Босхо тарҕатыы өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй хаһыаттар сайдалларыгар саҥа тыыны биэрдэ. Улуус кииннэригэр уонна нэһилиэктэргэ олорор ааҕааччыларбыт маннык ньымаҕа үөрэннилэр, кэтэһэллэр, сорохтор тиксибэккэ да хаалаллара баар суол.
«Ааҕааччыга табыгастаах өттүн көрдүүбүт»
Светлана Борисова, “Сахамедиа” холдинг тарҕатыыга отделын салайааччы:
— Тохсунньу 1 күнүттэн хаһыаттары аадырыстарынан, буоста дьааһыктарыгар тиэрдэр буоллубут. Ол эрэн, бары нэһилиэккэ буолбатах. 1000-тан тахса эрэ киһилээх 86 нэһилиэнньэлээх пуун хабыллар. 31 улууска аадырыһынан тиэрдиллэр буолла, барыта 32 тыһыынча экземпляр буоста дьааһыктарыгар угуллар. Оттон 1000 киһиттэн аҕыйах нэһилиэнньэлээх пууннарга маҕаһыыннарга устуойкаларга ууруллар, нэһилиэк дьаһалтатыгар тарҕанар. Бу курдук, 234 нэһилиэккэ 24 тыһыынча экземпляр (“Якутия” – 11 172 экз., “Саха сирэ” – 12 879 экз.), уопсайа 24 051 экз. тиэрдиллэр.
2016 сыллаахха “Сахамедиа” босхо сурутууну ыытарыгар сурутааччылар аадырыстарын төлөпүөнүнэн, батсаабынан хомуйбута. Билигин бу дааннайдар туһаныллаллар, ону тэҥэ, саҥардыллаллар.
Оттон Дьокуускайга уонна 17 улуус киинигэр былырыын дьон тоҕуоруһар сиригэр анал устуойкалар баар буолбуттара. Дьон номнуо үөрэнэн, хаһыат тахсыбыт күнүгэр («Саха сирэ» — сэрэдэ, «Якутия» — чэппиэр) бүтэр. Манна барыта 53 тыһыынча экземпляр (“Якутия” – 26 411 экз., “Саха сирэ” – 27 306 экз.) тарҕанар.
Хаһыаттар улуустар кииннэригэр чааһынай такси сулууспаларынан, «Полярнай авиалиния», «Якутия» авиакомпаниялар нөҥүө тиксэриллэллэр. Ону сүрүн агенткөрсөн, нэһилиэктэринэн тыырар. Улуус кииниттэн салгыы нэһилиэктэргэ тиэрдиигэ олохтоох дьаһалталар уонна атыы-эргиэн ситимнэрэ, урбаанньыттар үлэлэһэллэр.
Холобур, Чурапчы улууһугар «Маарыкчаан» потребобщество 17 нэһилиэккэ, Ньурбаҕа «Кооператор» ХЭУо 9 нэһилиэккэ, Сунтаар улууһугар «Татыйыына» хампаанньа 15 нэһилиэккэ, Мэҥэ Хаҥаласка “Хоту» СХПК 8 нэһилиэккэ, «Манчаары» СХПК — 9 нэһилиэккэ тиэрдэллэр. Онтон атыныгар барытыгар нэһилиэк дьаһалталара, баһылыктара таһаллар. Манна бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын, баһылыктар, бастатан туран, бэйэлэрин тустарыгар буолбакка, дьоннорун-сэргэлэрин туһугар үлэлииллэр. Онно Амма улууһун Эмис нэһилиэгин холобур оҥоруохха сөп. Дьаһалта исписэлииһэ урут суруйтарбыт дьоҥҥо биэртэлиир, хаһыат кэллэҕинэ, бассаабынан биллэрии ыытар, оччоҕо бэйэлэрэ кэлэн ылаллар. Ити курдук биири да энчирэппэккэ, хаһыаты ааҕааччыга тиэрдэллэр.
Аадырыһынан тиэрдиигэ нэһилиэк иһинээҕи агеннар дуогабардаһан үлэлииллэр. Маннык ньыма, бастатан туран, ааҕааччыга табыгастаах.
60 сыл тиһигин быспакка суруттум
Иван Николаевич Кушкирин, СӨ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, РФ хомунаалынай хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ:
— Мин 1958 сыллаахха Марха орто оскуолатын бүтэрээт, Акана нэһилиэгин 6 көстөөх сиргэ баар “Сата” учаастагар биригэдьииринэн анаммытым. Ол кэмтэн хаһыаттарга сурутан, учаастагым дьонугар сонуннары ааҕар, иһитиннэрэр буолбутум. Онон күндү ыалдьыт курдук кэтэһэллэрэ.
Ол кэмтэн өрөспүүбүлүкэм, оройуонум хаһыаттарыгар тиһигин быспакка суруйтарбытым номнуо 60 сыл буолбут эбит. Урукку “Кыымтан” саҕалаан, “Саха сирин” көтүппэккэ ааҕабын, сонуну барытын билэ олоробун. Ис хоһооно уруккутааҕар баай, сонуна элбэх. Онон олох арахсыбаппын.
2017 сыл саҥатыттан “Саха сирэ” хаһыаты Дьокуускай киоскаларыттан төһө да тымныытын иһин, анаан баран ыларым. Онтон быйыл тохсунньу саҥатыгар, хаһыаттарым бастакы тахсар күннэрин билэр буоламмын, бастакы этээскэ буостам дьааһыгар түһэн ыллым. Хаһыаттарым тоҕо халыҥаатылар диэн дьиибэргээн көрбүтүм, “Саха сирэ” хаһыат эбиллибит эбит. Үөрдүм аҕай, хайа, кырдьаҕас киһини ытыктаан, бу хаһыаппын буостам дьааһыгар аҕалар буолбуттар диэн.
Дьиэбэр киирээт, «Сахамедиа» хаһыаты тарҕатар отделыгар (42-46-04) эрийэн, Саҥа дьылга улахан, дьоһун бэлэх туттум диэн барҕа махталбын биллэрдим. Сахам сирин олохтоохторун, эдэр салайааччыларын өрөспүүбүлүкэ, улуус хаһыаттарын суруйтаран ааҕыҥ, үлэҕитигэр туһаныҥ диэн сүбэлиибин.
Степанида Попова, Чурапчы, Одьулуун:
— Бу олунньуттан биһиги сэлиэнньэбитигэр аадырыһынан тиксэрии саҕаланна. Мин “Сахамедиаҕа” курьерынан сөбүлэһэн үлэлии сылдьабын. 140 сурутааччыга «Якутия» уонна «Саха сирэ» хаһыаттары нэдиэлэ аайы тиксэрэбин. Хаһыаттары Чурапчытааҕы «Маарыкчаан» потребобщество бээтинсэ аайы маҕаһыыныгар аҕалан биэрэр. Онтон салгыы мин үлэм саҕаланар. Олохтоохтор үөрүү, махтал бөҕө, кырдьаҕастарбыт сибиэһэй хаһыаты дьиэлэригэр тутар буолбуттара олус бэрт.
Мелания Соловьева, Таатта, Ытык Күөл:
— Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр 500-тэн тахса сурутааччылаахпын. Хаһыаттар нэдиэлэ ахсын бээтинсэҕэ кэлэллэр. Тымныыны-тымныы диэбэккэ, өр туппакка, буруолуу сылдьар сибиэһэй сонуннаах хаһыаты ааҕааччыларга тиэрдэргэ кыһаллабын.
Леонид Васильев уола Айааллыын, Сунтаар:
— Сунтаар сэлиэнньэтэ киэҥ, хаһыаттары 500 аадырыһынан тарҕатабыт, онон күн тахсыаҕыттан киириэр диэри үлэ күөстүү оргуйар. Босхо хаһыаттары аадырыһынан тиксэрии сөргүтүллүбүтүгэр дьон-сэргэ махтала улахан.