Сэтинньи 6 күнүгэр «Саха Сирэ — Якутия» норуот стелата Амур уобалаһын кытта кыраныыссатыгар аһылынна. Бу туһунан социальнай ситимнэргэ «Саха дьоһун уолаттара» обществоны төрүттээччи Руслан Михайлов кэпсээтэ.
« Биир сыл анараа өттүгэр мин доҕорум Ньургун Сидоров дьиэ кэргэнин кытары айанныы сылдьан, өрөспүүбүлүкэ кыраныыссатыгар тохтоон хааартыскаҕа түһэн ыыппыта, онто туох даҕаны бэлиэтэ суоҕа. Кини хаартыскатын биһиги «Саха дьоһун уолаттара» бөлөхпүтүгэр ыыппыта, онтон ыла бу сиргэ бэлиэ стеланы тутар санаа киирбитэ. Мин оҥорбут үлэбиттэн дуоһуйдум уонна киэн туттабын», — диэн Михайлов үллэһиннэ.
Стела Саха АССР 100 сылыгар анаан, Саха сирин олохтоохторун, регион общественниктарын, урбаанньыттарын уонна Тырааныспарга министэристибэ, Тас сибээс министиэристибэ, Нерюнгри улууһун ФКУ Упрдор «Лена» көмөтүнэн тутулунна.