22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирэ онкодиспансер уонна онкокиин тутуутугар 4 млрд солк тахсаны ылыаҕа

10:09, 09 января 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия бырабыыталыстыбата Саха сиригэр онкологическай диспансер уонна поликлиникалаах онкоклиническай киин тутууларыгар 4 млрд солк тахсаны көрдө. Эбийиэктэр 2023 сылга үлэлэрэ саҕаланыахтаах.


Саха сиригэр федеральнайдааҕы бюджеттан доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин тутууга үп тыырылынна. Өрөспүүбүлүкэ үс сыл устата онкодиспансер уонна онкокиин тутуутугар 4 млрд солк тахсаны ылыа: 2020 сылга — 1,8 млрд солк кэриҥэ, 2021 – 1 млрд солк курдук, 2022 – 1,5 млрд солк.

Субсидия Россия бырабыыталыстыбатын уурааҕынан 2019 сыл ахсынньы 31 күнүгэр бигэргэннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА