Саха АССР 100 сылын көрсө Саха сиригэр регион инники 100 сыллаах сайдыытын уһун болдьохтоох былааныгар этиилэри бэлэмнээтилэр. Бырайыактары, идеялары хомуйууга өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын уонна нэһилиэктэриттэн олохтоохторо кытыннылар. Тутаах бырайыактарынан саҥа технологиялары туттааһын, бөҕө суох оҥорон таһаарааһын уонна тымныыны капитализациялааһын буолла, диэн СИА иһитиннэрэр.
«Өрөспүүбүлүкэ сүүс сыллаах былаана» диэн бырайыак, хас биирдии саха киһитэ төрөөбүт сэлиэнньэтэ, куората сайдарыгар туох кэскиллээх этиилээҕин көрөр-истэр, туһаҕа таһаарар сыаллаах. Бу уопсастыбаннай инициатива буолар. Тэрийэр бөлөх бары оройуоннар араас саастаах, идэлээх дьонун кытары көрүстэ» , — диэн Саха сирин баһылыга Айсен Николаев ахсынньы 20 күнүнээҕи пресс-конференциятыгар биллэрдэ.
Ыам ыйыттан ахсынньыга диэри тыһыынчаттан тахса киһи кыттыыны ылбытыттан, 130 бырайыагы түмтүлэр. Бырайыак кыттыылаахтара Платон Ойуунускай 1927 сыллаахха суруйбут «Улуу сүүс сыллаах былаан» диэн айымныьытын холобур оҥоһуннулар.
Билигин бырайыак маҥнайгы түһүмэҕэ түмүктэннэ, онон эһиил Саха АССР 100 сылын көрсө былааны бар дьон көрүүтүгэр таһаарыахтара