Cаха сиригэр 1907 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр (саҥа ааҕыынан от ыйын 14-гэр) сахалыы тыллаах аан бастакы “Саха дойдута” хаһыат бэчээттэнэн тахсыбыта.
Бу дьоһуннаах даатаны бэлиэтээн, “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтин тэрийиитинэн, өрөспүүбүлүкэ сахалыы тылынан тахсар хаһыаттарын кэлэктииптэрэ, бэчээт бэтэрээннэрэ от ыйын 2 күнүгэр “Сахамедиа” АО Медиакиинигэр “Саха тыла бэчээт тылыгар туттуллуута” диэн “төгүрүк остуолга” кытыннылар. Сахалыы хаһыат тахсыбыт сыла 1907 сыл буоларын спикер Александр Жирков былырыын арыйан турар. Бу сахалыы тыллаах суруналыыстарга улахан бэлэх.
Кыттыылаахтар
Кэпсэтиини “Саха сирэ” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Прокопий Бубякин иилээн-саҕалаан ыытта. Тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн дьокутаата Алена Атласова, СӨ Сибээскэ уонна информационнай технологияларга миниистирин солбуйааччы Чокуур Гаврильев, “Сахамедиа” РИИХ генеральнай дириэктэрэ Алексей Чертков, Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева, “Бичик” национальнай кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Август Егоров, “Ситим” медиахолдинг генеральнай дириэктэрэ Мария Христофорова,“Кыым” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Иван Гаврильев, “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттар сүрүн эрэдээктэрэ Евдокия Иринцеева, “Чуораанчык”, “Колокольчик” сурунааллар сүрүн эрэдээктэрэ Татьяна Жиркова, “Саха сирэ” хаһыат бэтэрээннэрэ, суруналыыстара санааларын үллэһиннилэр.
Саха тыла — тыын боппуруос
Кэмпириэнсийэ ysia.ru сайт нөҥүө онлайн-аһаҕас эфиргэ үлэлээтэ, онон, СИА ааҕааччылара кэпсэтиини толору истэ-көрө олордулар.
Ыытааччы, суруналыыс Прокопий Бубякин “төгүрүк остуол” кыттыылаахтарын Саха бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлээн туран, саха тыла бэчээт тылыгар туттуллуутун – бу чахчы даҕаны, саха тыллаах бары хаһыаттар тыын боппуруоспутугар санааны үллэстэргэ, сонун этиилэри киллэрэргэ аһаҕас кэпсэтиигэ ыҥырда.
Онон, тыл этээччилэр, сахалыы хаһыаттар уонна сурунааллар эрэдээксийэлэрэ, бэчээти сайыннарарбыт, ааҕааччыларбыт тустарыгар тылбытын биирдик туттарбыт туһугар сүбэлэлэрин холбоотулар.
Наҕараада
Бу бэлиэ күн дьокутаат Алена Атласова “Саха сирэ” хаһыат кэрэспэдьиэнэ Надежда Егороваҕа, СӨ социальнай сайдыытын эйгэтигэр үтүөлэрин иһин Ил Түмэн Бочуотунай грамотатын туттарда. Наҕараада кыһыл көмүс чаһы кыбытыктааҕа ордук үөрүүлээх буолла.
Толкуйдатар сыыппаралар
Чокуур Гаврильев: «Аныгы кэмҥэ, саҥа технологиялар, интернет, ватсап үйэлэригэр, сахалыы тыллаах хаһыаттар ханна сылдьыахтаахпытый, тылбыт хайдах сайдыахтааҕый, үөрэҕирии сокуонугар уларыйыылар буолаары туралларыгар хайдах сыһыаннаһабытый – бу сытыы боппуруостар,» — диэтэ.
Терминология хамыыһыйатын үлэтин күүһүрдэрбит наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна үтүө саҕалааһын быһыытынан, биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн Мария Христофорова көҕүлээһининэн, Арассыыйа таһымыгар Национальнай тылынан тахсар хаһыаттар ассоциациялара тэриллибитин, баар кыһалҕалары бары бииргэ быһаарарга турунуу баарын, төрөөбүт тылларынан суруйар суруналыыстарга айар куонкурус биллэриллибитин холобурдаата.
Суруналыыстар салайааччылара Галина Бочкарева, былырыын сахалыы тыллаах хаһыат тахсыбыта 110 сылын бэлиэтиирбитигэр, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Сахалыы национальнай бэчээт күнүн олохтуур туһунан идиэйэни эппитин санатта.
Норуодунай бэйиэт, суруналыыс, өр сыл “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтин салайбыт Наталья Харлампьева ЮНЕСКО тиһигин быспакка саҥардылла турар дааннайдарын аҕалла. Ол курдук, глобализация кэмигэр, Арассыыйа сиригэр-уотугар сүтэн эрэр тылларга удмуурт, калмык – уопсайа 16 омук тыла, оттон сүтэр кутталлаах тылларга чечен, белорус, ону тэҥэ саха тыла – уопсайа 20 омук тыла киирбиттэрин иһитиннэрдэ. Бу, биллэн турар, хайа да омугу толкуйдатар сыыппаралар… Тылы сахатытыы боппуруоһугар Наталья Ивановна, ардыгар дорҕоону батыһан, сорох тылларбыт олус судургутук, баламаттык даҕаны уларытыллан тахсаллар, онон, учуонайдар, суруйааччылар, суруналыыстар, уопсай тылы булан, бу тыл маннык суруллара төһө сөбүй, диэн норуоппутуттан ыйытыахтаахпыт, саатар тэттик соҕус чинчийиини ыытан баран сорох-сорох тыллары киллэриэх баара, оччотугар эрэ, сахалыы ааҕарга-суруйарга дьулуһар оҕолорбутун тэйитиэхпит суоҕа, диэтэ.
Олохпут кырдьыга
Алексей Чертков хаһыаттар редакционнай статустарын үрдэтиини инники күөҥҥэ тутарын, саха национальнай хаһыата тас көстүүлүүн да сахалыы тыыннаах буолуохтааҕын, саха тыллаах пресса кэҥиир-сайдар кыаҕа улаханын бэлиэтээтэ.
Мария Христофорова Национальнай бэчээт күнэ олохтонуохтааҕын уонна оҕо бэчээтигэр өйөбүл наадатын туһунан эттэ.
Евдокия Иринцеева Германия уопутун кэпсээбитэ сэҥээриини ылла. Манна, өскөтүн ийэ оҕотун кытта төрөөбүт тылынан дьарыктанар буоллаҕына, оҕо босуобуйатын үрдэтэллэр эбит! Онон, издательстволар, бэйэлэрин да тустарыгар, төрөппүтү уонна оҕону кытта үлэлэрин күүһүрдэллэрэ эрэйиллэр.
Улахаттарга босхо, кыраларга харчылаах…
“Саха сирэ” хаһыат, саха бэчээтин бэтэрээннэрэ, биллиилээх суруналыыстар — Иван Ксенофонтов хаһыаттары чөлүгэр түһэрэр хайаан даҕаны наадатын ыйда. Николай Крылов: «Улахан дьон хаһыатын босхо биэрэбит, оттон оҕолорбут хаһыаттарын, сурунаалларын төлөбүрдээх оҥорорбут төһө сиэрдээҕий», — диэтэ. Изабелла Антипина хаһыаттарга ааҕааччы суруга көстүбэтин, улуустартан сонун аҕыйаҕын уонна оҕолорго аналлаах кинигэ сыаната ыараханын бэлиэтээн эттэ.
Август Егоров уонна “Бичик” кинигэ кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ Валерий Луковцевнациональнай издательство кыһалҕаларын санаттылар. Ол курдук, кинигэ кыһатын 2019-2020 сс. үбүлэниитэ 14 мөл. солкуобайтан 7 мөл. гына сарбыллыбыт. Маннык үпкэ Саха сиригэр 15-16 эрэ кинигэ бэчээккэ тахсар кыахтаах. Бу, икки төгүл аччатыллыбыт үбүлэниини хайаан даҕаны улаатыннарар наадатын ыйдылар.
Иван Гаврильев, Тылдьыт хамыыһыйата этэрин тутустахха, сахалыы хаһыаттарга биирдик суруйарга, дьиҥэр, улахан кыһалҕа суох буолуохтаах диэтэ.
Оттон хаһыаты улуустарынан тарҕатыыга кэнники сылларга почта сыаната үс төгүл үрдээбитэ, чахчы, дьиксиннэрэр.
“Күрүлгэн” литературнай сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ Афанасий Гуринов, 12-13-с сылын тахсар, дьон киэҥ сэҥээриитин ылбыт сурунаал социальнай суолталаах таһаарыыларга киирэрэ наадатын туруоруста.
“Кыым” эппиэттиир сэкирэтээрэ, суруналыыс Альберт Капрынов, сахалыы бэчээти көмүскүүр сокуон наада, тылы сахатытыы бара туруохтаах, ол эрээри, аһары түһүө суохтаахпыт диэтэ.
Дьэ, онон…
Сахалыы тыллаах хаһыаттар бары биир уустук балаһыанньаҕа олоробут. Онон, күүспүтүн холбоон, сомоҕолоһон, тылбытын көмүскээн, сахалыы хаһыаты тарҕатыы, ааҕааччыга тиэрдии боппуруостарын быһаарыыга бары күүскэ ылыстахпытына сатанар. Уонна, кылаабынайа, кэскилбит, инникибит туһугар, төрөөбүт тылынан үөрэнэр, ааҕар-суруйар оҕолорбутун илдьэ сырыттахпытына эрэ хаһыаппыт баар буолуоҕа, ол аата тылбыт, омукпут баар буолуоҕа диэн “төгүрүк остуол” кыттыылаахтара бэлиэтээтилэр.
Түмүк быһаарыылар
“Төгүрүк остуолга” киирбит үгүс этииттэн, сүрүннэрэ диэбиппитин билиһиннэрдэххэ маннык:
— От ыйын 1 күнүн — Саха Бэчээтин күнүнэн бигэргэтэри туруорсарга.
— Суруналыыстар сойуустарын тула бары түмсэн, саха бэчээтин көмүскүүр Сокуон ылыллыытын ситиһэргэ.
— Оҕо бэчээтин судаарыстыбаттан өйөбүлүн күүһүрдэргэ.
— Саха тыла, саха бэчээтэ сайдарын туһугар оҕо бэчээтин сайыннарарга!
— Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын статустарын бөҕөргөтөргө!
— «Бичик» Национальнай кинигэ кыһатын үбүлэниитин кыччаппаты туруорсарга.
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
СИА хаартыскалара.