23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саҥа сылтан суоппардар мэдиссиинискэй ыспыраапкаларын сыаната үрдүө

17:01, 08 декабря 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тохсунньу 1 күнүттэн РФ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин бирикээһинэн суоппардар мэдиссиинискэй ыспыраапка ылалларыгар специфическай маркерга хаан анаалыһын туттараллара булгуччулаах буолуо. Бу туһунан Российская газета суруйар.


Хаһыат суруйарынан, анаалыс сыаналаах уонна оҥоһуллар болдьоҕо биир нэдиэлэҕэ диэри уһун буолуо.

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ 2019 сыл муус устарыгар норуот дьүүлүгэр таһаарбыт бэрээдэгэр бары суоппардар иик уонна хаан анаалыстарын наркодиспансерга туттаралларын туһунан суруллубут этэ. Ииги — психоактивнай веществоларга, хааны — карбогидрат-дефицитный трансферрин (CDT) диэн специфическай маркерга. Хаан анаалыһа киһи төһө арыгыны иһэрин быһаарар. Холобур, киһи күнүн аайы итириэр диэри арыгы иһэр буоллаҕына, анаалыс ону көрдөрөр.

Анаалыстар сыаналара ыарахан. Бастакы – үс тыһыынча кэриҥэ, иккис – 6 тыһыынча. Ону таһынан өр оҥоһуллаллар.

Сиһилии манна аах https://ysia.ru/spravka-na-krovi-s-1-yanvarya-vstupaet-v-silu-novyj-poryadok-medosvidetelstvovaniya-voditelej/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА