23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саҥа кинигэ: Санаабыт утаҕын ханнаран

12:35, 27 октября 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Соторутааҕыта кэргэннии  Парасковья Ивановна-Тускулаана уонна Егор Ильич-Туску Поповтар билиҥҥи саха литэрэтииригэр сонун, сүбэ-соргу ситимнэрин ааҕааччыга анаабыт кинигэлэрэ күн сирин көрдө.


«Биһиги өбүгэлэрбит саха өркөн өйө, саныыр санаата муҥурдаммат диэн өйдөбүлү өрдөөҕүттэн билэллэрэ, ону үтүө үгэс быһыытынан тутуһаллара. Ол да иһин, саха киһитэ хаһан баҕарар, ханна баҕарар, хайа баҕарар түгэҥҥэ, турукка үүтү-хайаҕаһы, быыһы-арды булан, тобулан, толкуйдаан таһаарар идэлээх, ити кини атыннык саныыр омуктартан уратыта буолар. Бу истиҥ, иһирэх туоһутунан, биһиэхэ, «саха оҕуһун мииннэ да ырыаһыт, оһоҕун иннигэр олордо да бөлүһүөк» диэн мээнэҕэ эппэттэр.

Онон, күндү ааҕааччы, кинигэни таптааччы бу кэргэннии Поповтар педагогическай, социальнай-философскай кинигэлэрин – энциклопедияларын аах, толкуйдаа, олоххор, үлэҕэр туһан, биир идэлээхтэргэр, үтүө үөлээннээхтэргэр сүбэһит-амаһыт буол», – диэн философскай наука кандидата, доцент Егор Винокуров кинигэ аан тылыгар суруйбут.

Ааптардар Тускулаана уонна Туску бэлиэтээбиттэрин курдук, кинигэҕэ киирбит саҥа хоһоонноро хоһооннор араастарын хабаллар, атын суруйааччылар санааларын салгыы сайыннараллар уонна саҥа санааны саҕаллар. Ааптардар сүрэхтэрэ тугу этэрин, санаалара хайдах сытарын биир ситим утахха тиспиттэр.

Ааптардар хоһоонноругар уонна «Сааһыламмыт санааларым», «Сүбэ-соргу утахтара», «Сүрэхпэр сыһыары тутан», «Үчүгэй сиэр-майгы киһи буолуу төрдө» түһүмэхтэргэ киирбит санааларын утахтара алфавитынан наардаммыттара ааҕааччы наадалааҕын булан ааҕарыгар олус табыгастааҕын бэлиэтиир тоҕоостоох.

Тыл үөрэхтээхтэрэ кинигэ туһунан бэлиэтээһиннэрэ аныгы кэмҥэ, аныгы ааҕааччыга олус наадалаах кинигэ тахсыбытын туоһулууллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар